Якутские буквы:

Якутский → Якутский

муунтур

көр муунту: муунту буол
Кинилиин толору тэйсибэтэхпиттэн эбэтэр ситэри чугаһаабатахпыттан олус муунтурабын. Р. Баҕатаайыскай
Чыырыйа, сороҕор өйө-санаата муунтурдаҕына, бэйэтин субан туруйаҕа холонор. П. Степанов
Муунтуран эбитэ дуу, эмискэ киҥэ-наара алдьанан кэлэр. «Чолбон»


Еще переводы:

муунтуруу

муунтуруу (Якутский → Якутский)

муунтур диэнтэн хай
аата. Күүстээх санаалаах буоллаххына Бэриниэҥ суоҕа муунтурууга, Ыарыыга, атын да ыар дьаҥҥа, Үөрэниэҥ туруктаах тулуурга. В. Сивцев