Якутские буквы:

Якутский → Якутский

муҥхалаа

туохт. Муҥханан балыктаа. Добывать рыбу посредством невода, забрасывать невод
Бүтүн нэһилиэк дьоно бүтүннүү мунньустаннар муҥхалаабыттар. Амма Аччыгыйа
Арай биир киэһэ бу хомону кытыылата соҕус муҥхалыы сырыттахпына, эмискэ хаастар айдаан бөҕөнү тартылар. Н. Якутскай
Кыһыҥҥы бытарҕан тымныыга муҥхалаан үрүҥ кө м үс хатырыктааҕы дэлэччи хотороллоро. «ХС»

Якутский → Русский

муҥхалаа=

ловить рыбу неводом.


Еще переводы:

муҥхалат=

муҥхалат= (Якутский → Русский)

побуд. от муҥхалаа =.

муҥхалас=

муҥхалас= (Якутский → Русский)

совм.-взаимн. от муҥхалаа =.

муҥхалааһын

муҥхалааһын (Якутский → Якутский)

муҥхалаа диэнтэн хай
аата. Сайын сайылыкка оҕо ай мах мустубут кэмигэр муҥхалааһын биир эмиэ көрдөөх оонньуу буолара. «ХС»

күөгүлээһин

күөгүлээһин (Якутский → Якутский)

күөгүлээ диэнтэн хай. аата. Балыгы бултааһын араас суол ньымалардаах: муҥхалааһын, илимнээһин, туулааһын, куйуурдааһын, быһыттааһын, күөгүлээһин о. д. а. «Кыым»

муҥхалас

муҥхалас (Якутский → Якутский)

муҥхалаа диэнтэн холб. туһ. Күһүн муҥха кэмигэр Лэгэнтэй муҥхалаһар кыаҕа суоҕун иһин, киниэхэ муҥха соботуттан булгуччу «өлүү» диэн аныыллара. «Чолбон»

муҥхалан

муҥхалан (Якутский → Якутский)

муҥхалаа диэнтэн атын
туһ. Суолталанар буолан муҥха суон сураҕырара, муҥхаланар уу ол иһин муҥхаланарынан бэлиэтэнэн ааттанан барара. Багдарыын Сүлбэ

арай туран биирдэ

арай туран биирдэ (Якутский → Якутский)

сыһыан холб. Этиллэр санаа түбэлтэ курдугун бэлиэтиири көрдөрөр. Выражает эпизодический характер высказываемой мысли (и вот однажды)
Арай туран биирдэ, оҕонньор өрүһүгэр муҥхалыы киирбит. «Кыым»
Арай туран биирдэ, аһыыр да, пиибэ иһэр да харчыта суох буолан хааллым. В. Ойуурускай

ардьаахтаа

ардьаахтаа (Якутский → Якутский)

туохт. Ардьааҕынан балыктаа. Рыбачить большой вершой, мордой
Илимнии, ардьаахтыы сатаан баран, кыл хамыйаҕынан чарт тымтайга таах баһан ылааччылар. Күннүк Уурастыырап
Күн-дьыл итийэн, дьон муҥхалаан, илимнээн, ардьаахтаан балыгы бэркэ сиир сурахтара иһиллэр. И. Сосин

бэрэһинньик

бэрэһинньик (Якутский → Якутский)

аат., балык. Биэрэккэ хаалан кытыы бэчимэни тардар киһи. Береговой бечевщик (тянущий бечеву ´ невода с берега)
Муҥхалыы киирдилэр. Бэрэһинньиккэ хааллара сатаабыттарын буолумуна ыалдьыт эрдиигэ олордо. Н. Габышев
русск. диал. бережни ´к

дьэкилээ

дьэкилээ (Якутский → Якутский)

туохт. Кытылы кыйа үөс диэки сүүрүк хоту аа-дьуо устан иһэн балыктыыр тэрили (илими) түһэрэн баран хостоон балыктаа. Ловить рыбу сетью на плаву
Быйылгы халаан бириэмэтигэр өрүс эйгэтэ кубулуйан муҥхалыыр уһун туоналар, дьэкилиир дэхси чэмээхтэр алдьаммыттар. Н. Абыйчанин