Якутские буквы:

Якутский → Якутский

мөлбөрүт

мөлбөрүй 1 диэнтэн дьаһ
туһ. Ат иччитин диэки: «Хайа, көмүһүөм, эн хайдаххыный? Миигин бу сиэтилэр ээ… Ситис, иччикээм!» — диэх курдук икки хараҕын уутун мөлбөрүппүтүнэн, ыар баҕайытык ынчыктаан, көҕүлэ-сиэлэ бурал гына ыһылла түспүтэ. П. Ойуунускай

Якутский → Русский

мөлбөрүт=

побуд. от мөлбөрүй =.


Еще переводы:

босхоҥнооһун

босхоҥнооһун (Якутский → Якутский)

аат. Босхоҥ буолан ыалдьыы, киһи сүһүөхтэрэ ыалдьан кыайан хаампат-хамсаабат буолуута. Заболевание суставов, в результате которого человек лишается возможности нормально ходить, передвигаться на ногах, ревматизм.
Босхоҥ өлүү (ыарыы) көр босхоҥнооһун
Сатаатар, ийэбин босхоҥ өлүү охтордоҕо үһү. М. Доҕордуурап
Сааһыран иһэн, атаҕынан эмэҕирэн, босхоҥ өлүү буолар. Саха сэһ. I. Босхо ыыт — ыһыктан көҥүлүнэн ыыт (хол., төбөҕүн, илиигин-атаххын). Опускать свободно, расслаблять (напр., голову, руки, ноги)
[Ат] иччитин диэки: «Хайа көмүһүөм, эн хайдаххыный? Миигин бу сиэтилэр ээ …… Ситис, иччикээм!» — диэн курдук икки хараҕын уутун мөлбөрүппүтүнэн, ыар баҕайытык ынчыктаан, төбөтүн босхо ыыппыта. П. Ойуунускай
Уонна уостуом уорастыйа, Аа-дьуо чуумпуга нухарыйа Илиилэрбин босхо ыытан, Өйбүн-санаабын утутан, Түүнү кытта түүн буолан. С. Данилов
Төбөтүн кыҥначчы түһэрэн, тобуктарын босхо ыытан, оргууй хааман накыҥнаталыыр. Амма Аччыгыйа