Якутские буквы:

Якутский → Якутский

ньаамырҕаа

туохт.
1. Соччо чуолкайа, сэниэтэ суохтук, бытааннык «ньаам-ньаам» диирдии саҥар (хол., тииһэ суоххуттан). Говорить невнятно, слабым голосом, растягивая слова (напр., из-за отсутствия зубов)
Такыйык оҕонньор улаханыгар сөбө суох намыыннык ньаамыргыы тоһуйда. Амма Аччыгыйа
Хамньыгыр оҕонньор хаалсыбата Хапхара иккиэйэх тиистэрин Хамсата-хамсата ньаамырҕаата. П. Тобуруокап
Уоһа-тииһэ бараммыт биир кырдьаҕас ньаамырҕаабыта. П. Аввакумов
2. кэпс., сөбүлээб. Мээнэ элбэҕи саҥар. Говорить много, болтать. Эмиэ ньаамырҕаан эрэр
— Бэйи, эмээхсиэн, билбэт эрээри мээнэ ньаамырҕаама. Болот Боотур
ср. алт. дьамырка ‘важничать’

Якутский → Русский

ньаамырҕаа=

говорить невнятно, слабым голосом, растягивая слова.


Еще переводы:

марбалын

марбалын (Якутский → Якутский)

марбай диэнтэн атын
туһ. Аттыбар турар биир марбаллыбыт сирэйдээх эмээхсин кимиэхэ да туһаайбакка эрэ саҥаран ньаамырҕаата. Амма Аччыгыйа

ньаамырҕас

ньаамырҕас (Якутский → Якутский)

I
ньаамырҕаа диэнтэн холб. туһ. «Сири билэргэ дылы, тугу эрэ ньаамырҕаһар этигит дии», — диэн кэргэнэ хоолдьугунан оонньоомохтоото. П. Ламутскай (тылб.)
II
даҕ. Чуолкайа, сэниэтэ суох, бытаан (куолас, саҥа туһунан). Невнятный, слабый, замедленный (о голосе, речи). Таһырдьа ньаамырҕас саҥа иһилиннэ. Кырдьаҕастар сэһэргэһэн, мааҕыҥҥыттан саҥалара ньапньаамырҕас

хабылын

хабылын (Якутский → Якутский)

I
туохт. Тирииҥ аннынан ууланан өрө үллэн, иһэн таҕыс. Вздуваться пузырём, покрываться волдырями (о коже)
Сэмэн икки атаҕын тарбахтара биир дэхси буола хабыллан хаалбыттар. Н. Якутскай
Миитээ хапсабар ойон туран, хабыллыбыт ытыстарыгар силлээмэхтээтэ. Е. Неймохов
Модугудьааҥҥа тиийиибэр атаҕым уллуҥаҕа хабыллан, аһыйан, кыайан хаамтарбат буолла. Хомус Уйбаан
ср. др.-тюрк. хабар ‘вздуваться, распухать’
II
тыаһы үт. туохт. Ыраахха диэри эҥсиллэн хабыгырыы тыаһаа, оннук тыаһы таһаар (хол., тоҥ буорга ат туйаҕа тыаһыырын этэргэ). Издавать частые, дробные, громкие, раскатистые звуки (напр., о топоте копыт лошади, бегущей по мёрзлому грунту)
Лоҥкуудаҕа хабыллар сүгэ тыаһа хатан тымныыны кытта хатыста. М. Доҕордуурап
Иккис ат туйаҕын тыаһа илин диэки хабылла турда. Р. Кулаковскай
Күлүмнүү оонньоото чаҕылҕан, Этиҥнэр уордаахтык хабылла Хабараан дарбааны тартылар. И. Федосеев
Өрө хабылла түс көр түс I
«Эмээхсиэн, эн итиннэ ньаамырҕаабакка олор!» — Сыллай эмээхсини ситэ саҥарпакка өрө хабылла түстэ. Амма Аччыгыйа
«Тоҕо саанаҕын?!» — Дьэбдьиэ эмискэ өрө хабылла түстэ. Болот Боотур
Ол оннугар уола Баанньа өрө хабылла түспүтэ. Ойуку
Өрө хабылла түс көр түс I
Эмискэ дапсы тыаһа өрө хабылла түспүтэ. Далан
Эмискэ күөл диэки саа тыаһа өрө хабылла түстэ. П. Егоров
Көрүдүөр иһигэр ытыс тыаһа өрө хабылла түстэ. ПНИ ДКК
Уот хабылла түс — өрө хабылла түс диэн курдук (көр түс I). Таһырдьа тахсан истэҕинэ, үгэх аанын тыаһа уот хабылла түһэр. Саха фольк. Сонно тута саалар тыастара уот хабылла түһэр. А. Сыромятникова
Далтан тэйэн эрдэҕинэ, Куонаан дурдатыттан саа тыаһа уот хабылла түстэ. Н. Заболоцкай
III
хап I диэнтэн бэй., атын
туһ. Хата, Витюшкабыт бастакы категорияҕа хабыллан, төлөбүрэ суох үөрэххэ киирбит. Т. Находкина
Сайын тэрилтэлэр бары оттооһуҥҥа хабыллаллар, оттон пиэрмэҕэ оскуола оҕолоро, устудьуоннар көмөлөһөллөр. ТССКС
Хабылыга суох хабылык хабыллыбат. ВПК СОо
<Хабыллар (хабайар)> хаба ортото — туох эмэ саамай ортото, киинэ. Самый центр, самая середина чего-л.
Сэмэн оҕонньор сонуок хабыллар хаба ортотунан хайа тыырдаран эрэр эбит. Амма Аччыгыйа
Ойуур хабыллар хаба ортотугар быычыкайкаан балаҕан оҕото турара. Д. Таас
Дабыыт дэриэбинэни хабыллар хаба ортотунан киирэн, тус хоту салаллар. И. Никифоров