Якутские буквы:

Якутский → Якутский

ньахчаахайдаа

дьүһ. туохт. Ньахчаҥныы хамсаа, хаамп, оннук буолан көһүн (маадьаҕар атахтаах кыра киһи туһунан). Ходить, двигаться на коротких кривых ногах, будучи приземистым
Ол биир тыа дьахтара ньахчаахайдаан, самнаахайдаан, сайбаахайдаан иһэр. Өксөкүлээх Өлөксөй
Суотчут кыра, ньахчаахайдаабыт Чалаар Байбал дьон көлөһүнүн күнүн таһаарарыгар Дьэкиими олус хайҕаабыт сурахтааҕа. Н. Босиков. Тэҥн. ньохчоохойдоо


Еще переводы:

сайбаахайдаа

сайбаахайдаа (Якутский → Якутский)

дьүһ. туохт. Түргэн-түргэнник хардыылаан хаамп (налыгыр сайбаҕар таҥастаах киһини этэргэ). Шагать суетливо в длинном и широком платье
Ол биир тыа дьахтара ньахчаахайдаан, самнаахайдаан, сайбаахайдаан иһэр. КАЕ НТ

самнаахайдаа

самнаахайдаа (Якутский → Якутский)

дьүһ. туохт. Уһун таҥастаах сэниэтэ суоҕунан тиэтэйэ-саарайа хаамп (намыһах уҥуохтаах дьахтары этэргэ). Идти, двигаться торопливо в длинном платье (о женщине невысокого роста)
Ол биир тыа дьахтара ньахчаахайдаан, самнаахайдаан, сайбаахайдаан иһэр. КАЕ НТ