Якутские буквы:

Якутский → Якутский

ньигиргээ

тыаһы үт. туохт. Оҕустахха ыарахан «ньик» диэҥҥэ маарынныыр бүтэҥи тыаһы таһаар. Издавать тяжёлый глухой стук при ударе (напр., ломом о мёрзлую землю). Луомунан оҕустах аайы тоҥ буор ньигиргиир. Тэҥн. ньиллиргээ


Еще переводы:

ньигиргэт

ньигиргэт (Якутский → Якутский)

ньигиргээ диэнтэн дьаһ. туһ. Күүстээх киһилэрэ охсуолаан ньигиргэтэн барда

ньиллиргээ

ньиллиргээ (Якутский → Якутский)

тыаһы үт. туохт. Инчэҕэйгэ, сииктээххэ биир тэтимнээхтик охсуллар ньиллиргэс тыаһы таһаар, оннук иһилин (хол., долгун туохха эмэ охсулларыгар, эт эттииргэ тахсар тыаһы этэргэ). Издавать мерный глухой шум, ударяясь, шлёпаясь о ровную твёрдую поверхность (напр., о волнах, бьющихся о берег). Эт эттээччи сүгэтин тыаһа ньиллиргиир
Тыа барчаламмат, от охтубат, долгун ньиллиргээбэт. И. Никифоров
Тэргэн тыаһа Дириҥник ньиллиргээн Дэриэбинэ уһугар Тиийэн кэллэ. С. Васильев
Олус түргэнник уонна күүскэ кэйиэлээ, тэбиэлээ (хол., тымыр, сүрэх). Очень быстро и сильно стучать (в висках), биться (напр., о сердце). [Куралай Кустук] сүүнэ киҥнээх хаана сүһүөҕэр ньиллиргээтэ, уордаах одун хаана уолугар охсуолаата. Д. Апросимов. Тэҥн. ньигиргээ