Якутские буквы:

Якутский → Якутский

ньимилин

ньимий 1, 2 диэнтэн бэй
туһ. Биирдэрэ [оҕонньор] сиэлийэн кэбиһэн баран, чараас уоһа ньимиллэн олордо. А. Софронов
Ньуукка эрэйдээх анал тыйын аһынан саҥата суох ньимиллэн тураахтаата. Л. Попов
Биирдии-иккилии көрдөөх, сороҕор сытыы тыллары этэн баран, тугу да эппэтэх, саҥарбатах курдук ньимиллэн олорор үгэстээҕэ, биһигини үгүстүк күллэрэр буолара. М. Ефимов
«Саатар саҥата суох ньимиллэн олорбот, айаҕар туох киирэринэн хапса олорор», — диэтэ Наташа. М. Доҕордуурап