Якутские буквы:

Якутский → Якутский

ньиргитии

ньиргит диэнтэн хай
аата. Дьэ, доҕор, ньиргитии диэтэҕиҥ! Ытан түптэлээһин бөҕө. Л. Габышев
Оһуохайдьыттар тэлгэһэ биир муннугар түһүлгэлээн эмиэ ньиргитии. СН ЭСЭ

ньиргит

туохт.
1. Улахан, эрчимнээх ньиргийэр тыаһы таһаар. Производить энергичный, громкий, раскатистый звук
Баҕар, кырдьык, бу кыраайга тэргэни эһэн ньиргитэр наада үөскээбэтэҕэ буолуо. Болот Боотур
Сайыҥҥы бөлөх самыыр Орусуолап кулуба алааһыгар түһэн ньиргиттэ. Эрилик Эристиин
Кини дьиэҕэ тахсан эрдэҕинэ ааны тоҥсуйан ньиргиттилэр. М. Доҕордуурап
Күүскэ саай, оҕус (доргуйуор диэри). Сильно ударить так, чтобы сотряслось
Сэмэн: «Үчүгэй аҕайдык ньиргиппитим, төбөтүн уҥуоҕа хампарыйбыта буолуо», — диэн киһиргээн ньаамыргыыр. Р. Кулаковскай
Үһүстэрэ сүллүгэһинэн көхсүбүн ньиргиттэ. «ХС»
Уһуннук тугу эмэ оҥор, гын. Делать что-л. долго, основательно
Дьэ, биһиги туран, оччону истэн баран, үлэлээн ньиргит да ньиргит. Н. Лугинов
Эдэр киһи утуйан ньиргитэ түстүҥ ээ. С. Тумат
Улахан тэрээһиннээх тугу эмэ (хол., уруу) оҥор. Устроить, «отгрохать» что-л. грандиозное (напр., свадьбу)
Холбоһо охсуҥ ээ, хата сыбаайба ньиргитиэ этибит. У. Нуолур
2. Аһара улаханнык саҥар (ыллаа, хаһыытаа, күл). Говорить (петь, кричать, смеяться) энергично, громко, от души
Хаппытыан харса-хабыра суох тыл этэн ньиргитэ турар. А. Софронов
Ким сатыыр бары ыллаан ньиргитэллэр. Амма Аччыгыйа
Уолаттар хаһыытаан ньиргиппиттэрэ. «ХС»

Якутский → Русский

ньиргит=

побуд. от ньиргий = 1) греметь, грохотать, громыхать чём-л.; буусканан ытан ньиргит = грохнуть из пушки; 2) говорить очень громко; этэн ньиргит = говорить громким голосом.


Еще переводы:

кириэппэстээ

кириэппэстээ (Якутский → Якутский)

туохт., кэпс. Бигэ-таҕа гына холбооттоо. Крепить
[Балаҕанын] Чиргэл тиити чэчийэн, Кириэппэстээн ньиргиттэ. С. Зверев

прогреметь

прогреметь (Русский → Якутский)

сов. 1. ньиргий, ньириһий, ти-тгинээ; ньиргит; гром прогремел этиҥ ньири-һийдэ; 2. перен. (прославиться) дуораһый, лһилин (сураҕыр, аатыр).

ахнуть

ахнуть (Русский → Якутский)

сов., однокр. разг. 1. см. ахать; 2. кого-что (сильно ударить) охсон ньиргит; 3. (сделать что-л. внезапно, с шумом) ньир гыннар; ахнули пушки пушкалар ньир гын-нардылар.

сыыптаталаа

сыыптаталаа (Якутский → Якутский)

сыыптаа диэнтэн төхт
көрүҥ. Чиргэл тиити чэчийэн, Кириэппэстээн ньиргитэн, Суолах маһы суорталаан, Тулааһыны туруортаан, Сытыарылыы сыыптаталаан, Сыһыарылыы ыпсартаан, Кэлбэт-барбат киччимнээн, Киҥкил суорба халҕаннаан. С. Зверев

дьааһыт

дьааһыт (Якутский → Якутский)

дьааһый диэнтэн дьаһ
туһ. Били онно ньиэмэс сиригэр Биһиги ньиргиппит этиҥмитин Тоҕо дьааһытыах эрэ билигин Дьоппуон халлааныгар. Т. Сметанин
Хара дьай сататын таҥнары дьааһытан Гитлер сэриитэ иирбиттии дирбийдэ. КИДК

кыыкырдас

кыыкырдас (Якутский → Якутский)

кыыкырдаа диэнтэн холб. туһ. Сотору ыарахан таһаҕастаах аттар дугалара кыыкырдаһан субу барыҥнаһан кэллилэр. Софр. Данилов
Көлүөһэлэр кыыкырдаһар тыастарын кытта тэҥҥэ тыһыынчанан киһи ыллаан ньиргитэрэ кый ыраахха тиийэ дуорайда. «ХС»

кыымнан

кыымнан (Якутский → Якутский)

туохт. Кыымнаах буол, кыымынан ыһыахтан. Сверкать искрами, искриться, разбрызгивать искры
Үйэҕит тухары …… Өтөххүт төҥүргэстэннин, Оһоххут кыымнаннын. С. Зверев
Үрэллигэс кыымнанан Отуу уота кытыастар. А. Абаҕыыныскай
[Кулун Куллустуур] Чомпо тимир сүллүгэһинэн, Уот кыымнаныар диэри [Күн Толомон Ньургустайы] Охсон ньиргиттэ. ТТИГ КХКК

ньиргитэлээ

ньиргитэлээ (Якутский → Якутский)

ньиргит диэнтэн төхт
көрүҥ. Сүүрбэччэ холбоспутун кэннэ биирдэ ньиргитэлээччибин. И. Гоголев
Бу үлүгэрдээх улахан киһи ат туйаҕын саҕа сутуругунан ньиргитэлээбитэ айакка буолуо эбээт! Р. Баҕатаайыскай
Булгуччу соруйан ньиргитэлээн кэбистэ. «ХС»

ньириһит

ньириһит (Якутский → Якутский)

ньириһий диэнтэн дьаһ
туһ. Ыраах этиҥ этэн ньириһитэр. Н. Якутскай
Биһиги халлааммытыгар сааскы эрдэтээҕи этиҥ этэн ньириһитэр. Т. Сметанин
Чаҕылҕан быһыта курбуулаан күлүмүрдээтэ, кэнниттэн сүллэр этиҥ халлаан уорҕатын устун лүһүгүрээтэ, …… сири ньиргитэн, ньириһитэн дэлбэритэ ыстанна. В. Протодьяконов

остуостаа

остуостаа (Якутский → Якутский)

туохт. Остуос оонньоо. Играть в штос
Уйбаан атын бөлүүн остуостаан кэбиспит. ПЭК СЯЯ
Икки уол оҕо уһуктаахтара көрсөн баран, сүгүн буолуохпут дуо, атах тэпсэн олорон орулуур отут хонук устата остуостаан ньиргиттибит. И. Гоголев