Якутские буквы:

Якутский → Якутский

ньохооройдоо

дьүһ. туохт. Такымҥар олорон, хорутуута суох сүүрбүтэ буол (хол., куобах). Передвигаться короткими прыжками, припадая на задние лапы (напр., о зайце)
[Куобах] үрүйэ саҕатынан бытыгырыы үүммүт чыыбаайыны саныы биэрэн, ычыгын быыһынан тэппит ороҕун устун сүүрэн ньохооройдоото. В. Миронов
Куобахчаан доҕорун сүтэрэн, ол-бу диэки хантаарыҥныы-хантаарыҥныы, аргыый ойон ньохооройдоон истэ. П. Ламутскай (тылб.)


Еще переводы:

ньохооройдос

ньохооройдос (Якутский → Якутский)

ньохооройдоо диэнтэн холб. туһ. Күнүс кини туһаҕын булгуйан, кэһэн ааспыт түүлээх атахтаах ньохооройдоспут бочугурастарга өстүйэ саныыра. Н. Босиков