I
дьүһ. туохт. Таба туттарбат ньылбырхай буол (хол., салыҥнаах балык). ☉ Быть, становиться скользким, ослизлым, таким, что трудно удержать в руках (напр., о свежей рыбе)
Остуол курдук хаптаҕай суорба таастарга сөҕүөмэр улахан баҕайы ньылбырыҥнаспыт кыыллар сыылаҥхайдыы сылдьаллар. Р. Стивенсон (тылб.)
II
даҕ. Бадараан курдук сымнаҕас, ньылҕаархай, халтархай (хол., убаҕас бадараан). ☉ Сырой, скользкий (напр., о жидкой грязи, слякоти)
Аджей көлөһүнэ сар түһэн киһи кыайан туппат, биир кэм ньылбырыҥнас буолбут, Ньургун мүччү тутан иһэр. Н. Лугинов
Таһырдьа хараҥа, уот суох, тротуар суох, ньылбырыҥнас бадараан. С. Васильев
Бөлүүн аанньа тоҥорботох, Бороҕоннуур суол ньылбырыҥнас бадарааҥҥа кубулуйбут. А. Данилов
Пётр саҥата суох араас өҥнөөх арыгылары иһэрэ, ньылбырыҥнас, аһыыккан баҕайы тэллэйи кэбийэрэ. М. Горькай (тылб.)
Якутский → Якутский
ньылбырыҥнас
Еще переводы: