Якутские буквы:

Якутский → Якутский

ньыхас

ньыхай диэнтэн холб. туһ. Үөскэ, саһархай сэбирдэхтэрдээх уу ото арыылыы үүммүт сиригэр, кус оҕолоро киирэн утуйан ньыхаһан олороллор. Софр. Данилов
Кинилэр үһүөн соппулуот ыксатыгар хаарга батары түһэн, ньыхаһан олордулар. В. Протодьяконов
Дурда иһигэр олорорбут үрдүнэн, эбии саһаары эбитэ ини, ньыхастыбыт. ТМ ДК

ньыхас гын

ньыхай диэнтэн көстө түһүү. Сөдүөт ити саҥаҕа, бастаан, ньыхас гынна, онтон умса көрөн сири-буору кымаахтаан хаалла. Р. Кулаковскай
Михаил Павлович саҥата дуораһыйбытыгар Таня оройго бэрдэрбит курдук төбөтө чуҥкунуу түстэ, соһуйбут омунугар ньыхас гынна. «ХС»
Дьиэлээхтэргэ ити тыл сүлүһүннэнэн киирдэ. Уйбаан ньыках гына түстэ уонна төттөрү хайыста. Р. Кулаковскай


Еще переводы:

ньыках гын

ньыках гын (Якутский → Якутский)

ньыхас гын

арыылыы

арыылыы (Якутский → Якутский)

I
сыһ. Уунан төгүрүтүллүбүт кураанах сир курдук, ортотугар эрэ. Подобно островку на воде
Үрэх өҕүллэ түһээт, арҕас сири арыылыы охсон ылар, арыт арыччы өрүһүнэн, туора ыстанар, тоҕой сир туран хаалар. Амма Аччыгыйа
Үөскэ, саһархай сэбирдэхтэрдээх уу ото арыылыы үүммүт сиригэр, кус оҕолоро киирэн утуйан ньыхаһан олороллор. Софр. Данилов
II
сыһ. Арыы курдук. Как масло, подобно маслу
Өссө ситэ тоҥо илик бөһүөнэх хаары аллаах сыарҕалар сыҥаахтара арыылыы быһаллар. Н. Босиков