аат., үөхс. Ньэгэй, сидьиҥ киһи. ☉ Негодяй, подлец
— Эйигинньик дьиккэр, ньэгэдьээй, эмиэ киһи буолаҥҥын аанньа ахтыбаттааххын, өйдөөҕүмсүйэ, суобаһырбыта буола олорор дии. П. Ойуунускай
Оннооҕор мин тэрэпиэһинньигим Кустуур Кууһума соҕотох уол оҕолооҕун Корнилов ньэгэдьээйгэ үөрэттэрэн эрэр. Эрилик Эристиин
Биир ньэгэдьээй баарын булан …… дьууктаабыппыт. Биир ньэгэдьээй бэйэтэ ытыммыта. К. Симонов (тылб.)