Якутские буквы:

Якутский → Якутский

ньэкээр

туохт., түөлбэ. Элбэхтик сырыт, дуурдан, орохто тэп (кыыл туһунан). Протоптать тропинку (о зверях)
Табалар, тайахтар таптаан ньэкээрэллэр эбит: суоллара-иистэрэ баһаам. И. Данилов
[Пахом] сааһын тухары аар тайҕа холоругун түөһүнэн тэлэн, ардаҕын-хаарын санныгар сүгэн, …… байанайдаах хара тыа тымырын-сыдьаанын, кыыл сигилитин, ньэкээрэр сирин эндэппэккэ тосхойор буолан, …… кэбэҕэстик бултуйар. Н. Борисов


Еще переводы:

суол-иис

суол-иис (Якутский → Якутский)

аат.
1. Айанныырга, сылдьыһарга аналлаах, онно сөптөөх сир (суол) уопсайынан барыта. Всякая дорога вообще, путь-дорога
[Бадин:] Эн дойду суолун-ииһин барытын билэр буоллаҕыҥ дии? С. Ефремов
Оччотооҕуга хара тыа, таас хайа быыһыгар саһан сыппыт Алдаҥҥа хайа даҕаны өттүнэн сылдьыһар суол-иис суоҕа. И. Никифоров
Дохсун самыыр түһэн, суол-иис улаханнык алдьаммыт этэ. «Кыым»
2. Туох эмэ сымнаҕаска (үктэннэххэ, хаамтахха, тайаннахха) ойууланан хаалар ойуу (суол элбэх буоллаҕына эбэтэр ким-туох киэнэ буолара чуолкайа, быһаарыыта суох буоллаҕына тут-лар). Множество отпечатков, следов, признаков пребывания кого-чего-л.
Хайыыүйэ Халыҥ сискэр Суол-иис бөҕө тыырыллыбыт, Сырыы бөҕө сырыырҕаабыт. С. Зверев
Оҕонньор суолу-ииһи көрөөрү төттөрү-таары тэпсэҥнээтэ, дьүүллээн-дьаабылаан тугу да араарбата. Болот Боотур
Табалар, тайахтар таптаан ньэкээрэллэр эбит: суол-иис баһаам. И. Данилов
3. көсп. Кимтэн-туохтан эмэ хаалар бэлиэлэр, чинчилэр. То, что остаётся после кого-л. или по прошествии чего-л., след
Олоххо туох да суолу-ииһи хаалларбатаҕын дьэ өйдүүр. А. Фёдоров
Үөрдүм, күндү доҕотторум, Үөрдүм олус эһигиттэн: Таах ааспатах олоҕум — Суол-иис хаалбыт кэннибиттэн. П. Тобуруокап
Биһиги кэпсиир түбэлтэбит буолбута сылтан орто да, буруй оҥоһуллубут суола-ииһэ өссө да оһо илик. «Кыым»