Якутские буквы:

Русский → Якутский

обломаться

сов. тоһутталан; ветки обломались лабаалар тоһутталаммыттар.


Еще переводы:

тулун

тулун (Якутский → Якутский)

туохт. Туох эмэ бүтүнтэн, бииргэ сылдьартан арахсан, хоҥнон кэл. Отделяться, отрываться, отваливаться от чего-л. целого
Чаанньык оргуйан …… туллубут тутааҕын үүтүнэн итии туман өрө дьурулаата. Амма Аччыгыйа
Сааны көрбүтүм — сомуога туллан хаалбыт. Т. Сметанин
Өр уһуннук туттуллубут өтүйэ уга ытаһата сахсайан, халкыҥнаан туллуон да сөп. ПАЕ ОСС
Күн <хараҕата> туллара, күһэҥэ <быата> быстара буолла (күһэйдэ) көр күһэҥэ. Иккиэн түөс түөстэриттэн анньыһан турдулар... Дьэ, күн туллара, күһэҥэ быстара диэн дьэ буолла. Саха фольк. Кэтэҕэ тулунна көр кэтэх. Киһиргээн кэтэҕэ тулларын кэрэйбэт (өс хоһ.). Туллар тутаах — туох эмэ саамай сүрүнэ, олоҕо. Основа, самая важная, главная часть чего-л.
Сүөһү диэн саха киһитин иитимньитин биир суол туллар тутааҕа. М. Доҕордуурап
Настаа илгэлээх Ийэ сирин эргийэр киинигэр, туллар тутааҕар, Москваҕа …… тиийэн кэлбитэ. П. Аввакумов
Балыыһа биир туллар тутааҕа Афанасий Платонович Ушницкайга бүгүн хара сарсыардаттан ыла үгүс түбүктээх күн үүммүтэ. В. Васильев. Туллубат тулааһын <өҕүллүбэт өһүө> — кимиэхэ, туохха эмэ өйөбүл буолар күүс, ким эмэ тирэҕэ, эрэлэ. Сила, поддерживающая кого-что-л., опора, надежда
[Бэрэсидьиэн:] Эһиги, уустар, саха омук духуобунай култууратын биир туллубат тулааһына, силлибэт силиһэ буоларгытын өйдөөн туран, …… үлэлээҥхамсааҥ! «Кыым». Тулхадыйбат (туллаҥнаабат, туллубат) тулааһын көр тулааһын
ср. эвенк. тул-дардаай ‘обломаться (о роге) у корня’