Якутские буквы:

Якутский → Русский

обугураа

Быстро и ловко двигать губами ( обычно о зверях, животных)

Якутский → Якутский

обугураа

дьүһ. туохт. Түргэнник уонна имигэстик хамсаа (уос, омурт, боллорук туһунан — үксүгэр кыылы этэргэ). Быстро и ловко двигать губами (обычно о зверях, животных)
Табалар лабыктаны сииллэр, уостара обугуруур, иҥээннэрэ арыт лачыгырыыр. И. Гоголев
Чыс хороонун аттыгар чыыбаайылаан сии, омурда обугуруу олорор. В. Миронов


Еще переводы:

обугулдьуй

обугулдьуй (Якутский → Якутский)

обугураа диэн курдук
[Куһаҕан Хочугур:] Куобах оҕотун тутан ыллым, обугулдьуйан уоһа нарыныан. И. Гоголев

обугурай

обугурай (Якутский → Якутский)

обугураа диэн курдук
Буос тайах лаглаҕар талах синньигэс лабаатын ылҕаан сиэн уоһа обугурайар. И. Гоголев

обугурас

обугурас (Якутский → Якутский)

I
обугураа диэнтэн холб. туһ. Сэмэн үчүгэй сэһэннэри сааһылаан таһаардаҕына уостара үөрбүттүү обугураһаллара. М. Доҕордуурап
II
даҕ. Обугуруу хамсыыр (уос). Быстро и ловко двигающийся, подвижный (о губах)
[Убаһалар] Хоочугурас, куучугурас Тыастарын эн истээриий! Обугурас, бобугурас Уостарын эн сэргээриий! «ХС»

ань-ньаһа

ань-ньаһа (Якутский → Якутский)

тыаһы үт. т. Ат кистиирин үтүктүү. Подражание ржанию лошади
Ань-ньаһа! Арҕастаах самыым Алтан далбара буолбут Аналлаах атаһым! П. Ойуунускай
Ань-ньаһа, ань-ньаһа! Тыбырыкпыан, тыбырыкпыан! Эрэллээхэй иччикэйиэм, Ньыгыл таас оройгор Долоҕойдоон тохтотон, Таба түһэрэн, Истэн сэҥээр эрэ. П. Ядрихинскай
[Ат ырыата] Обугуруур уоһум, Кэчигириир тииһим, Чөрбөйөрө кулгааҕым, Оҥочо куйаар кутуругум, Аньньаһа, ань-ньаһа, ань-ньаһа! ДВ О

обугурат

обугурат (Якутский → Якутский)

обугураа диэнтэн дьаһ
туһ. Кууллаах туораах бурдугу чигдигэ кутуталаабытын сылгылар түргэн баҕайытык обугуратан кэбистилэр. Ф. Софронов
Уучахтар, кэккэлэһэ туран, иккиэн көҕүспүт курдук бэҕэһээ саҥа түспүт чараас хаары табыйбахтаан, лабыктаны сиэн обугуратан бардылар. С. Никифоров
Мин атым Бойбоончо иннигэр чабычахпын олордон биэрэбин, ону «аны былдьаан ылыахтара» диэбиттии, сиэн обугуратар. Ыҥырар ыл.