туохт., түөлбэ. Туох да хаалбатын курдук, тугу эмэ сирийэн көр, көрдөө. ☉ Тщательно проверять, обшаривать что-л. Чэрэс [тииҥ аата] туох эмэ кырамта хаалбыта буолаарай диэн уйа тулатын тимпийбитэ. И. Федосеев
Ол кэмҥэ хас да олохтоох эбэҥки табаарыстардаах Мэхээлэ Тарабукин Якокут үрэх сээннэрин тимпийэр. И. Бочкарёв
Ниндеманнаах Норос таһырдьа тахсан, ас булаары Ньукулаас наартатын тимпийэн көрбүттэрэ да, ас суох. И. Федосеев