аат. Сон, ырбаахы сиэҕин алларааҥҥы бүүрүгэ эбэтэр тиэриитэ (ырбаахы киэнэ үксүгэр тимэхтэнэр). ☉ Обшлаг, манжет
Бэлэнньигин оҕуруотун аахпыт (өс хоһ.). [Баай Байбал:] Кыһыҥҥы өттүн тугу эрдэ быһаарыахпытый — сыппаргар диэри тардар сылгы тыһа этэрбэс биэриэҕим, бэлэнньиккэр диэри анньар тыс үтүлүк биэриэҕим. П. Ойуунускай
[Кутуков] туртайыар диэри күн уота быһа сиэбит гимнастеркатын бэлэнньигин тиэритэ тардыалаталаан кэбиспитэ. Л. Попов