Якутские буквы:

Якутский → Якутский

оллоонноо

туохт. Биир атаххын атын атаҕыҥ үрдүгэр уур. Сидеть, закинув ногу на ногу
Дэлиһиэй кинээс, биллэрик оронугар сототун оллоонноон киэбирэ соҕус туттан, ыалдьыттары кытта сүөлэҥи куолаһынан кэпсэтэ олорор. Эрилик Эристиин
Олоҥхоһут атаҕын оллоонноон, сыҥаах баттанан олорон, былыргы дьон былдьаһыктаах быһылааннарын кэпсээн кэрэхсэтэн эрэр. Амма Аччыгыйа
Оллоонноон олор — тугу да гыммакка таах олор. Ничего не делать, сидеть без дела
Тугу да гыммакка икки атаххын оллоонноон олорор буоллуҥ. Амма Аччыгыйа
Бурдуккун тарпакка, оллоонноон баран олорбуккун дии. Болот Боотур
Оҕонньор атаҕын оллоонноон олорбот, холкуоска бултуур. Ф. Софронов

Якутский → Русский

оллоонноо=

закидывать ногу на ногу; оллоонноон олор = а) сидеть, закинув ногу на ногу; б) перен. отдыхать, передыхать; бүгүн оллоонноон олордум сегодня я ничего не делал, сегодня я отдыхал.


Еще переводы:

оллооннуу

оллооннуу (Якутский → Русский)

оллооннуу уур = (или кэбис =) см. оллоонноо =.

оллоонноохтоо

оллоонноохтоо (Якутский → Якутский)

оллоонноо диэнтэн атаах. Олооччулаах атахпын Оллоонноохтоон олорон, Оҕо эрдэхпинээҕи, Уйаҕастай сүрэҕи уйадытар, Улаҕалаах санаалааҕы долгуппут, Устар ууну сомоҕолуур Уус-уран тылбынан, Оонньообута буолан көрүүм. Эрилик Эристиин
Олоҥхоһут оҕонньор Оллоонноохтоон олорон, Улуу сирин урсунун Одуулаан көрдөҕүнэ: Тойон Мүрү эбэтэ Туоһахта эрэ буолан, Тумарык ортотугар Туртайан хаалаахтаата. И. Эртюков