Якутские буквы:

Якутский → Якутский

олуурдаа

туохт. Ааны хараҕалаа, хатаа. Запирать дверь (обычно на деревянную задвижку)
Отут күннүк сиринэн Уон оҕус тириитэ Олох сибэтиэй буорбун Ойо тэптэрэн олуурдааммын Уһун дьэргэлгэн олбуорун [иһигэр] Ойутан киирдим. Саха нор. той. IV. Дьонтон саатан, ол дьахтары наар үгэххэ тутан ииппиттэр, таһаарбакка таһыттан олуурдаан сылдьар эбиттэр. Болот Боотур


Еще переводы:

олуурдан

олуурдан (Якутский → Якутский)

  1. олуурдаа диэнтэн бэй. туһ. Арамаан оҕонньор үбүн ампаарыгар саһыаран, олуурданан сытара. Күннүк Уурастыырап
  2. Ыараа, туолара күчүмэҕэй буол. Быть, стать затруднительным, сложным, проблематичным
    Олох тыала биһигини Онно-манна кыйдаабыт… Онон көрсөр эһигини Олуурдаммыт, ыараабыт. «ХС»
хатаа

хатаа (Якутский → Якутский)

I
туохт.
1. Тугу эмэ аһыллыбат гына сап (хол., күлүүстээн, олуурдаан). Закрывать, запирать что-л. (на замок, крючок)
Сып-сап таҥнан, кыбартыыратын хатаан, аллара түстэ. Е. Неймохов
Уордаахап киирээт, хап-сабар ааны хатаан кэбиспитэ. П. Степанов
«Тохтоо эрэ, бииргэ киириэх», — диэтэ Тимофей Нилыч массыынатын хатаан, күлүүһүн тылын сиэбигэр укта-укта. П. Аввакумов
2. Тугу эмэ туохха эмэ, батары саайан эбэтэр иҥиннэрэн түспэт гына иил, оҥор. Прибивать, вбивать что-л., прицеплять что-л. к чему-л., вонзать что-л. во что-л. Мойот кураанах күөгүтүгэр мэҥиэ хатыы олорон ойоҕоһугар кыра күлүүнү иһиттэ. Т. Сметанин
Сүгэтин аһыытынан маска хатаата. Сэмээр Баһылай
Эн аҕаҥ борбуйун иҥиирин быһа ыппыт оноҕоһун ити тииккэ хатаан хаалларбыта. В. Титов
Болҕомтоҕун хатаа — болҕомтоҕун уур 1 диэн курдук (көр болҕомто)
Туох баар болҕомтотун үрүҥ маайкалаах эдэркээн уолга хатаата. Н. Лугинов
Витя болҕомтотун хатаабыт көтөрүн диэки Куонаан көрөн ылла. Н. Заболоцкай
Долоҕойгор тохтот (тут, хатаа) көр долоҕой. Үһүстээн да кэргэннэнэн табыллар биллибэт диэн Саша долоҕойугар хатаабыта. «ХС»
Мэйиигэр хатаа көр мэйии. Киэһэ мунньахха бараргын умнума, мэйиигэр хатаан кэбис. Өйгөр хатаа көр өй. Наһаар Наһаарабыс ити түбэлтэни умнубаттыы өйүгэр хатаабыта. Е. Неймохов
Киһи оҕо, эдэр эрдэҕинэ билбитин, өйдөөбүтүн үйэтин тухары саныы сылдьар, отойун умнубат. Өйүгэр хатыырдыы хатыыр. ИМС ОС
Аҕатын ити тылларын уол өйүгэр кытаанахтык хатаабыта. Дьиэ к. Санааҕын (санааҕар) хатаа — тугу эмэ бэлиэтии көр, өйдөө. Запомнить что-л., обратить внимание на что-л. Эппит тылбын Эккэр иҥэр, Саҥарбыт саҥабын Санааҕар хатаа. П. Ойуунускай
Гаврил Михайлович хайаан да бииргэ эмэ [сылгыга] санаатын хатаабыт буолуохтаах. «ХС». Сүрэххэр хатаа — өйгөр-санааҕар илдьэ сырыт. Сохранить в сердце, в памяти, запомнить
Кинилэр кэриэстэрин …… сүрэхпитигэр хатаан өйдүү сылдьыаҕыҥ! Амма Аччыгыйа
Эйэлээх хараххын Сүрэхпэр хатыаҕым. Күннүк Уурастыырап
Төбөҕөр ха- таа — өйгөр хатаа диэн курдук (көр өй). Эн ити сүбэни эмиэ төбөҕөр кытаанахтык хатаа. И. Федосеев
Уу, быданнааҕы да суолу киһи өйө төбөтүгэр хатаан сылдьар буолар эбит. «ХС». Хаппаргар хатаа — умнубат гына, кистэлэҥ санаа оҥостон илдьэ сырыт, өйгөр тут. Хорошо, надолго запомнить, сохранить в памяти (что-л. тайное)
Мэркииттэр хайа эрэ баайы-дуолу мунньунардыы, кыра да хом санааны хаһаанан, хаппардарыгар хатаан иһэллэр. Н. Лугинов. Кини кэрэ мөссүөнүн Сүрэхпэр сөҥөрдөбүн, Хаппарбар хатыыбын
эвен. фольк. Хаппыккар хатаа кэпс. — 1) ким да көрбөт, булбат гына кистээ. Тщательно прятать, хранить, скрывать что-л. (подальше от чужих глаз)
Дьэ, харчытын ыллар эрэ, дьахтар дьахтара өтөн, хаппыкка хатыа этэ... Миигиттэн кистиэ... А. Чехов (тылб.); 2) туох эмэ кистэлэҥи кимиэхэ да кэпсээмэ. Сохранить в тайне
Эн итини миигиттэн эрэ иһиттиҥ, таскар таһаарбакка, хаппыккар хатаан кэбис. «ХС». Хараҕын уотун хатаабыт — туохха эмэ ымсыыра санаабыт. соотв. положить глаз на что-л. Манчаары хабыр, эдэр сааһыгар хараҕын уотун хатаабыт баайдарын тэлгэһэлэригэр маҥан атынан ойутан киирэрэ. И. Гоголев
Үрдүк маска айыы да, абааһы да Харахтарын уотун хатыыллар. И. Гоголев
Хаарыаннаах хара тааска Харах уотун хатаабыт. Эллэй. Хараххын хатаа кэпс. — 1) тугу эмэ көрөн өйдөөн хаал, бэлиэтии көр. Окинуть взором, задержать взгляд
Нартаахап хараҥаҕа биллэ-биллибэттик туртайар Леся сирэйигэр тиһэх төгүл хараҕын хатаан баран, аппа диэки хаампыта. Софр. Данилов
Кэлэ-бара биригэдьиирдээх Наастаҕа үөннээх хараҕын хатаан ааһар. С. Федотов
Сэмэнчик ол дьиэлэргэ хараҕын хатаата. «ХС»; 2) кимиэхэ, туохха эмэ ымсыыра санаа, кими, тугу эмэ сөбүлүү көр. соотв. положить глаз на кого-что-л.
Волостной Туман кини атыгар хараҕын хатаабытын көхсүтүнэн туран бүтэйдии эмиэ сэрэйбитэ. Ойуку
Бэрдин, үчүгэйин билэн, тойон бэйэлээх киниэхэ хараҕын хатаатаҕа. У. Ойуур
Бэйэтин саастыыта олус үчүгэй кыыска Дьорҕоот хараҕын хатаабыта. «Чолбон»
Эдэр учуутал кырасыабай дьахтарга хараҕын хатаабыта. ПНИ АДХ
Тыҥыраххын (тыҥыраххынан, тыҥыраххар) хатаа кэпс. — тугу эмэ тут, туохтан эмэ тутус. Зацепиться, схватиться за что-л. Суол ортотугар хаххан кинини утары көрөн, биилкэ курдук тыҥыраҕын өлбүт кукаакы үрдүгэр хатаан олорор эбит. Е. Макаров
Тиистэригэр ытыран, тыҥырахтарыгар хатаан баран, оҕо-уруу туһугар ытыы-ытыы, соһулла сылдьыахтара. Н. Борисов
ср. тюрк., монг. када ‘вбивать, втыкать, прикрепить’
II
туохт. Саас ириэрэн, итийэн иһэн эмискэ тымный, тыалыр. Наступать (о весенних заморозках), похолодать
Быйыл эмиэ муус устар эргэтигэр, ыам ыйын саҥатыгар хатаан турда. И. Гоголев
Халлаан хатаабыта ааһан, үс-түөрт хонуктан бэттэх күндьыл итийэн, сир-дойду сыттанан барда. И. Сосин
Халлаан хатаан турар. Төһө даҕаны сылаас саас кэлэрэ чугаһаабыта биллибитин иһин, ситэ итийбэт. И. Никифоров
Харанан хатаа — хаар ууллубутун кэннэ тоҥор (сааскы халлаан туһунан). Морозить, холодать по весне после того, как снег растаял
Быйыл хаар халыҥ дьыла, сир сиигириэ ахан, саас эрэ тиийэн харанан хатаабатар ханнык. У. Нуолур