Якутские буквы:

Якутский → Якутский

омолуй

туохт., эргэр. Кэпсээ, сэһэргээ, эт, саҥар (көрсүһэ түһээт). ☉ Говорить, заговорить (обычно во время встречи)
[Айыы-Сээн:] Нөрүөн нөргүй! Бу хайа дьуортугун билбэтим. Омолуй! Суорун Омоллоон
Уруу иһэр! — диэн омолуйдулар, Түҥүр-ходоҕой иһэр, — диэн биллэрдилэр. С. Зверев


Еще переводы:

олохтоо

олохтоо (Якутский → Якутский)

туохт.
1. Кимиэхэ эмэ олорор сирин, дьиэтин буллар, олохсут. ☉ Заселять, поселять кого-л. куда-л., определять кому-л. место для проживания. Омоҕой Баай уолун Эллэй уолаттара көйгөлөөн, илин булт сиригэр Аллан үрэҕэр олохтууллар
Саха фольк. Арыйаан түгэх хоско, Үүйэни олохтообут хосторугар киирэн, магнитофону оонньотто. Л. Попов
2. Дьиэ-уот тэринэригэр, кэргэн ылан туспа ыал буоларыгар көмөлөс, тэрий. ☉ Помочь кому-л. обзавестись семьёй, хозяйством
[Быыпсай:] Бу ийэҥ биһиги кырыйдыбыт, онон тыыннаахпытыгар эйигин олохтоон кэбиһээри гынабыт. А. Софронов
Оҕонньор дьиэлээх Оҕолорбутун олохтуохпут диэн, Урукку ыйга Омолуйбут тылгын Кирдиктэнэн кэллибит. С. Зверев
3. Тугу эмэ тэрий, олоҕун буллар. ☉ Устанавливать что-л.; организовывать что-л. Биһиги тэрилтэбитин 1935 сыллаахха олохтообуттара.
□ Бэрээдэги олохтуур туһугар Япония аармыйатын ыҥырбатын диэн эппитэ. Эрилик Эристиин
4. Төрүттээ, үөскэт (хол., куораты, бөһүөлэги). ☉ Основать (напр., город)
Хара тордох буруо тыыннаах собуоттардаах Баараҕай куораттары олохтоотубут. А. Абаҕыыныскай
Элбэх куолас кыайыытынан бөһүөлэги Лоҥкуудаҕа олохтуур туһунан уураах таҕыста. М. Доҕордуурап