туохт. Хомойо-хоргута санаа, хом түс. ☉ Обидеться, держать обиду
Омтуорбут быһыынан саҥаран иһэн, күлэн кэллэ: «Ээ, суох, суох! Оонньоон этэбин». Софр. Данилов
Туох эрэ туһуттан омтуоран, Туох эрэ кыраттан сыыстаран, Байанайым хадьырыйда — Бары булт миигиттэн салыйда. Ф. Софронов
Хомойдум, омтуордум Ол кыайан этиллибэт. В. Титов
Хомойон омтуорбут кэмнэргэр Ол сулус кэриэтэ ырааххын, Холорук хаарынан эрийэр — Оттон эн өрүүтүн сылааскын. В. Миронов