Якутские буквы:

Русский → Якутский

отгородиться

сов. 1. күрүөлэн, бүтэйдэн, быыһан; отгородиться ширмой быыһынан быыһан; 2. перен. (изолироваться, обособиться) тэйэ тутун, туора тутун, араҕыс.


Еще переводы:

загородиться

загородиться (Русский → Якутский)

сов. 1. (отгородиться) күрүөлэн, бүтэйдэн; 2. (заслониться) хаххалан; загородиться рукой от солнца күн уотуттан илиигинэн хаххалан.

быыстаа

быыстаа (Якутский → Якутский)

I
туохт.
1. Быыһынан сап, быыһынан хаххалат. Занавесить, отгородиться занавеской. Биллэрик орону сиидэс быыстаатылар
2. кэпс. Быыс (кыра эмэ иллэҥ кэми) бул. Уделить (время, внимание)
Сарсын барыан иннинэ хайаан да быыстаан көрүс. Эн муҥутахсыйыма, көрүстэргин эрэ бэйэтэ кэпсэтиэҕэ. Н. Якутскай
3. Туохтары эрэ араартыыр быыс, кыраныысса буол. Служить границей, межой
Ходуһаҕа охсуллубут тараҕайдар улам кэҥээтэр кэҥээн иһэллэр. Күһүөрү быыстаан хаалларбыт оттор эрэ субуруһан хаалаллар, тыһыынчанан хойуу бугуллар бачыгырыыллар. Амма Аччыгыйа
Икки Талбаны [сир аата] быыстаан турар арҕас хайа нөҥүө өттүгэр этэрээт дөбөҥнүк түстэ, уһун тиһилик хайалары эргийэ сүүрэн, кэрэ Талба өрүс барахсан иннилэригэр нэлэһийэ сытта. Амма Аччыгыйа
II
туохт. Ботуруоҥҥа быыһы ук, сим. Забить патрон пыжом
Эмиэ лигийэн-лигийэн, биир хаһыатынан бүтүннүү быыстаан «тэргэнин» иитэн биэрэр. И. Гоголев