сыһ. Ончу, адьас, букатын, дуостал. ☉ Совсем, совершенно
[Бурҕаллай] Урааҥхай саха удьуора Уол оҕо эрэйдээх Оттуу тостор Уоттуу умуллар, Отойдуу быстар Оҥоһуум суох эбит буоллаҕа! П. Тобуруокап. Кыһалҕаҕа кыпчыйтарар, Кымырдаҕас дьиэтин булар: «Күндү ньаадьыам, көмөлөс — Күүс өһүннэ отойдуу. Аны сааска диэритин Аһатан, сиэтэн олордууй!» И. Крылов (тылб.)