Якутские буквы:

Якутский → Якутский

отоһулаа

туохт. Эмтээ, уҥуох тостуутун, бүлгүрүйүүнү тут (анал медицинскэй үөрэҕэ суох, үөрүйэҕинэн, отунан эмтээччи туһунан этэргэ). Лечить, вправлять кости (о народных лекарях)
[Күлүк:] Сорох ыалга ыллаан, сороҕу отоһулаан, үөрүүгэ түбэстэхпинэ — үөрсэн, ыарыыга түбэстэхпинэ — ыарыылаһан, өлбүккэ — көтөхсөн сылдьабын. А. Софронов
[Отоһут эмээхсин:] Чэ, кэбис, доҕоор, киһи сатаан отоһулуо суох, дьэ сатанаары гынан эрдэҕинэ, тохтотон кэбистигит. Эрилик Эристиин
ср. др.-тюрк. отала ‘лечить, исцелять’