Якутские буквы:

Якутский → Якутский

оттомур

туохт. Болҕомтолоох, дуоспуруннаах, көрсүө буол. Стать разумным, серьёзным, сознательным
Билигин өссө сааһыламмыт, түс-бас тыла бэлиэтик иһиллэр, оҕону сыаналыырдыы эттэххэ, эбии оттомурбут. Р. Баҕатаайыскай
Орто дойдуга Оҕо курдук Оттомурбакка олоруум, Түспэтийбэккэ эрэ Төннүүм. В. Гольдеров


Еще переводы:

тэбэнэттэн

тэбэнэттэн (Якутский → Якутский)

тэбэнэтир диэн курдук
Ардыгар мин билигин да, Оттомуран улааппакка, Мэник, тэник Мэнигийээннии Тэбэнэттэнэн ылабын. А. Старостин
Ийэ Андрей сирэйин-хараҕын туттуутуттан, кини тэбэнэттэниэн баҕарарын көрбүтэ. М. Горькай (тылб.)

эмээхсиннэн

эмээхсиннэн (Якутский → Якутский)

туохт., кэпс. Кэргэн ыл, ыал буол. Жениться, обзавестись семьёй. Ньукулай уола Бүөтүр эмээхсиннэммит үһү. Били Балбааралаахха дьиэлэнэн олорор күлүүк уол эмээхсиннэнэн да оттомурбута көстүбэт. Соҕотох олорор Сылгыһыт Сэмэн эмээхсиннэнэрэ буоллар, дэлэ абыраныа этэ дуо?!

түспэтий

түспэтий (Якутский → Якутский)

туохт. Сааһыран оттомур, дуоспуруннан. Остепениться с возрастом, стать серьёзным
Кууһума, сааһыран эрэр түспэтийбит киһини, ис сүрэҕиттэн сөбүлүүрэ. Тумарча
Эн биэс уон сааскын тоһутан, түспэтийэн, сааһыран олороҕун. Н. Габышев
Кэлин түспэтийэн баран өйдөөтөхпүнэ, кэрэ да дьон биһигини үөрэтэн ааспыт эбиттэр. ВВ ТТ