Якутские буквы:

Русский → Якутский

отходчивый

прил. аһарымтыа, элэркэй (кыыһырбытын ер туппат); он человек отходчивый кини аһарымтыа киһи.


Еще переводы:

аһарынымтыа

аһарынымтыа (Якутский → Якутский)

даҕ. Санаа-оноо гыммат. Отходчивый, не принимающий близко к сердцу
[Мөлчөс] хаһан да санаарҕаабыта көстүбэт, эрэйи-буруйу аһарынымтыа. КНЗ ТС

аһарымтыа

аһарымтыа (Якутский → Якутский)

даҕ., физ.
1. Бэйэтин нөҥүө электрическэй тогу, итиини уо. д. а. үчүгэйдик аһарар эбэтэр ыытар кыахтаах. Способный хорошо пропускать электрический ток, звук, тепло и т. п. Физическэй турук, өҥ, килбэчийии, өлүү ыйааһын, элэктэриичэстибэни аһарымтыа — итилэр барыта физическэй свойстволар. КДМ Х
2. Кыыһырбытын, санаарҕаабытын өр туппат, элэккэй. Отходчивый, незлобивый
Саргы түргэнник аһарымтыа. Субу аҕай ытаан-соҥоон бүтээт, сотору уруккутунааҕар ордук күлэн-үөрэн мичилийбитинэн, куустуспутунан барааччы. Н. Лугинов

эйэлэһимтиэ

эйэлэһимтиэ (Якутский → Якутский)

даҕ.
1. Кимниин эмэ тэйсэ, кыыһырса сылдьан баран түргэнник эйэлэһэ охсор, өр өстүйэ, кыыһыра сылдьыбат. Легко и быстро успокаивающийся после вспышки гнева, раздражения, отходчивый
Сергей хараҥа майгылаах, бу Женя курдук аһарымтыа, эйэлэһимтиэ буолбатах. ПБН БЭДь
2. Олоххо буолар туох эмэ омнуолаах быһыылары кытта эйэлэһэр, утарылаһар кыаҕа суох (үксүгэр буолб. ф-ҕа тутлар). Способный противостоять, оказывать противодействие трудностям жизни (преим. употр. в отриц. ф.)
Ньукулай эргиэҥҥэ төһө даҕаны өр, ис сүрэҕинэн ылынан үлэлээтэр, сыыһаны элбэхтик тутуһарын, итэҕэһи таһаарбыт дьоҥҥо эйэлэһимтиэтэ суоҕун иһин сорохтор соччо ытыктаабаттар этэ. М. Попов
С.С. Яковлев Амма оройуонугар түбэспит иэдээнин кистээбэт этэ, аһаҕастык кэпсиирэ уонна ыччат оннукка эйэлэһимтиэтэ суох буолуохтаах диирэ. «ХС»
ГАИ иниспиэктэрэ Дмитрий Павлович Ефремов суол быраабылатын убаастаабат дьоҥҥо эйэлэһимтиэтэ суоҕун бары билинэллэрэ. ДьИэБ