туохт.
1. Атыннык уларытан, кубулутан эт, ааттаа (хол., тугу эмэ кистии, биллэрбэккэ буола сатаан). ☉ Делать по-иному, иным, переделывать, переиначивать (напр., название местности, имени человека)
Кыычаан диэн дьоно оҕо турбатаҕыттан ыксаан ханалытан ааттаабыт ааттара этэ. Р. Кулаковскай
Цензураттан ханалытан, айымньытын аатын «Манчаары түөкүн» диир. КНЗ КАӨ
«Табын эбэ» диэн ытык алааһы ханалытан «Хоту эбэ» диэн ааттыыллар. «ХС»
2. Куотуна сатаан бэйэҕиттэн тугу эмэ (хол., уорбалааһыны) атын киһиэхэ үтэй, бэйэҕэр ылыныма, бэйэҕин быыһаан ыл, куотун. ☉ Отводить от себя что-л., сваливать что-л. на другого (напр., подозрение), выгораживать себя
Туллукчаана хайдах даҕаны ханалытыан табыллыбат буолла, кырдьыгынан билинэргэ тиийдэ. В. Протодьяконов
Бэйэтиттэн ханалытан этэр. ЯРС
◊ Ханалытан этии — ханалытыы диэн курдук
Биһиги сахалыы литературнай тылбыт хос-хос этиини, тэҥнээһиннэри, ханалытан этиилэри таптыыр, ол нуучча тылыгар сэдэхтик көстөр. «Чолбон»