Якутские буквы:

Русский → Якутский

потешаться

несов. над кем-чем (насмехаться) элэк оҥоһун, хаадьылаа.


Еще переводы:

тиэхэлээ

тиэхэлээ (Якутский → Якутский)

туохт. Кими эмэ дьээбэлээ, хаадьылаа, көрүдьүөстэн. Потешаться, озорничать, подшучивать над кем-чем-л.
Тыҥааһыны намыратаары Александр тугу эмэ тиэхэлээн кэпсэтэ түһүөн баҕарда. В. Яковлев
Сорохтору хайҕаан биэрдим, Сорохтору тиэхэлээтим. «ХС». Марина табаарыстарын тиэхэлээн дьээбэлээхтик мүчүҥнүүр. НТП ТББ

бэтиэхэлэн

бэтиэхэлэн (Якутский → Якутский)

туохт. Бэтиэхэни оҥор, бэтиэхэни таһаар. Потешаться, тешиться, дурачиться
[Суут Балакирев] бэрт киһи бэтиэхэлэниэн баҕарар, Күн судаарга тиийэн кэлэн этэр: «Күн судаар! Мин эйиэхэ элбэх сыл сырыттым. Онтон билигин туох эмэ тойон оҥордоргун», — диир. Саха ост. II
Арыгылаан айманарбын, Пиибэлээн бэтиэхэлэнэрбин Биир да киһиттэн кистээбэппин. А. Софронов
Кини тэбэнэт харахтара бэтиэхэлэнэр. «ЭК»

оонньуур

оонньуур (Якутский → Якутский)

аат. Оонньуурга туттуллар, анаан оҥоһуллубут мал (тэрил). Игрушка
Уопсай оонньууру оробуочайдар барыбытыгар оҥороллор. Ону дьиэҕэ илдьэр сатаммат. Амма Аччыгыйа
Оҕом кэлэрбэр миэхэ Оонньуурда аҕалаар диэбитэ, Кэргэним биирдэ, киэһэ Кичэйэн эмиэ ону эппитэ. С. Васильев
Оонньуур оҥоһун — кими эмэ атаҕастаан, сэнээн күлүү-элэк оҥоһун, оонньуурга курдук сыһыаннас. Забавляться с кем-л., потешаться над кем-л.
Миигин оонньуур оҥостоору гыммыттар дии. Тохтуоххут. Софр. Данилов

тиэхэлээх

тиэхэлээх (Якутский → Якутский)

  1. даҕ.
  2. Күлүүлээх, көрүдьүөстээх. Смешной, шутливый, потешный
    Дьиэҕэ үүт эрийэр дьахталлар Тиэхэлээх ырыаны ыллыыллар. С. Данилов
    — Миэхэ тиэхэлээх ыйытыы баар, Айдар. Н. Лугинов
    Дьон тиэхэлээх саҥаттан күлэн ымаҥнаһа олордулар. М. Доҕордуурап
  3. Дьиибэлэнэрин таптыыр, тэбэнэттээх, мэник (оҕо). Склонный к шалостям, озорный, шаловливый (ребёнок)
    Тиэхэлээх оҕо дэттэрэн, Тэһитэ баран хаһыытыыр, Сэттистэртэн бэртэрэ Сиэлэр мэник Акыым. К. Туйаарыскай
    Сымыыттаах [киһи аата] биир даҕаны чыычаах уйатын сүгүн туруорбат, дьэ оннук тиэхэлээх оҕо. ПНО
  4. аат суолт. Тиэхэлэнэрин, көрүдьүөһүрэрин сөбүлүүр, олус дьээбэлээх киһи (үксүгэр элб. ахс. тут-лар). Человек, любящий забавляться, потешаться, шутник, насмешник (в основном употр. во мн
    ч.). Тиэргэн иһэр түмсэннэр, Тиэхэлээхтэр күллүлэр. М. Ефимов
    [Миигин] Көрүдьүөстэр күүтэллэр, Тиэхэлээхтэр таптыыллар, Куруубайдар үөҕэллэр, Тоҥкурууннар тумналлар. И. Гоголев
дьиибэлээх

дьиибэлээх (Якутский → Якутский)

даҕ.
1. Дьону хаадьылыырын, дьээбэлиирин сөбүлүүр, дьээбэтинньик идэлээх. Устраивающий смешные проделки, шутливый, склонный к озорству
Дьэ, бу уол бэрт дьиибэлээх уол, туох эрэ улахан дьиибэни санаабыта буолуо. П. Ойуунускай
Уой, Петя, дьиибэлээх да уолгун ээ, хайа эдэр киһи кыыска «дорообо» диэн баран, баһын эрэ тоҥхос гыннарар үһү. С. Ефремов
Кини туох да куһаҕан санаата суоҕун иһин, ис-иһиттэн тэбэнэттээҕэ, дьиибэлээҕэ, дьону үтэн-анньан, тургутан көрөр идэлээҕэ. ВНГ ГОПХ
2. Киһи өйдөөбөт, киһини дьиктиргэтэр туох эрэ уратылаах. Необычный, непонятный, странный
Ол эрэн көстүбэт буолуохпун Билигин, кэбис, баҕарбаппын: Уон араас дьиибэлээх оҥоһуугун Соҕотох төбөбөр ылыммаппын. П. Тобуруокап
Дьикти сэп банаар дьиибэлээх да буолуо. Сииктээх сиргэ уурдахха сиилэтин ситиэ, Ууга уктахха - умайан күлүмнүө. Күн Дьирибинэ
Ким эрэ дьиибэлээх боппуруоһу ыйыппы-тыгар дьоннор күлсэн күүгүнэстилэр. В. Протодьяконов
3. Дьону атаҕастабыллаахтык күлүүэлэк оҥостон көччүргүүр идэлээх. Любящий зло потешаться, издеваться над людьми
Доодор кулуба хайа да былыргы саха тойотторуттан, баайдарыттан ордук суостаах, ордук баттыгастаах, ордук дьиибэлээх киһи эбитэ үһү. Саха фольк. Сир уйбат Сидьиҥ дьиибэлээх сиргидэх Бэлэһин бэтэтин. ТТИГ КХКК
Кини олус өйдөөх буолан баран, дьиибэлэрдээх, дьэбир майгыннаах киһи. Л. Толстой (тылб.)
4. Туох эрэ дьиибэни оҥороору гыммыт курдук көрбүт, тэбэнэттээх (харах туһунан). Озорной, хитрый, насмешливый (о взгляде, глазах)
Кини Ньомор Турантаайап сып-сырдыгынан уонна дьиибэлээх кыымнарынан ыһыахтаммыт харахтарын мыналыччы көрөн кэбиһэр. Л. Попов
Полковник Беляев элэктээбит курдук дьиибэлээх харахтарынан өрүс уҥуор диэки көрөр. Т. Сметанин
Уртуут курдук хамсыы, куруук күлэ сылдьар дьиибэлээх харахтардаах уол учууталлары бэйэлэриттэн таһаарара. «ХС»