Якутские буквы:

Русский → Якутский

правомерный

прил. сиэрдээх.


Еще переводы:

сиэрдээх

сиэрдээх (Якутский → Якутский)

даҕ. Сөптөөх, олохтоох. Правомерный, закономерный
Ити сиэрдээх ыйытыы! Н. Якутскай
Чэ соннук, Бүөтүр Уйбаанабыс, сиэрдээх этииҥ иһин махтанабыт. И. Никифоров
Ааҕааччы араас араҥата биир айымньыны тус-туһунан сыаналыыра сиэрдээх. «ХС»

ыллыктаах

ыллыктаах (Якутский → Якутский)

даҕ. Сөптөөх, сиэрдээх; сиэри-майгыны тутуһар, уһун-киэҥ санаалаах. Правомерный, закономерный; приемлемый, разумный. Ыллыктаах ыйытыы
Биир эмэ ыллыктаах киһи баар дуо? Суох! Амма Аччыгыйа
[Уулаах] урут бандьыыттары син ыллыктаах дьон буолуохтара дии санаабыт итэҕэлин сүтэрдэ. Эрилик Эристиин
Дайыыл Дьөгүөрэбис киҥнээхкиҥнээх дииллэр да, ыллыктаах санаалаах үтүө киһи. Н. Босиков
Дүлүҥү туруору аспыт курдук буола сытыйаҥҥын, эйиэхэ итинтэн ордук киэҥ-куоҥ, ыллыктаах санаа кэлииһи дуо?! «ХС»
Ыллыктаах тыл — дьоҥҥо-сэргэҕэ ылыннарыылаах, сөптөөх, сиэрдээх, үтүө тыл. Убедительное, разумное, умное слово
Биир эмэ ыллыктаах тылы тылласта дуо? Амма Аччыгыйа
Сатаатар ыллыктаах тылы эппит киһи бэрт да буолуо этэ. А. Бэрияк
Тэрэнтэй сымнаҕас, ыллыктаах тылынан кэпсэппититтэн кини үөрдэ, санаата көтөҕүлүннэ. Д. Таас

холлоох

холлоох (Якутский → Якутский)

I
даҕ.
1. Улахан кыахтаах, кыайыгас. Способный на многое, с большими возможностями, производительный
Урукку орто отчут Ол күнтэн уларыйбыта, Хотуулаах холлоох бастыҥ Охсооччу аатырбыта. И. Гоголев
Дьикти массыына сүүс гектар сири биирдэ эргийэн ылар. «Дьэ, көр бу холлоох массыына...» — диир саҥа иһиллэр. В. Ойуурускай
Холлоох, мындыр кыдамаһыт. Н. Рыкунов
Киэҥ далааһыннаах (үлэ). Имеющий большой размах (напр., о работе)
Холлоох үлэ тэтимин Эбэн биэрэр туһугар, Куотуһууга бастыыр иһин Элбэх киһи турунар. Күннүк Уурастыырап
Чахчы холлоох үлэ ыытыллыбыт даамбата буолан биэрдэ. «Кыым»
Сайын устатынааҕы биир күннээҕи орто көрдөрүүм, орто оҥорон таһаарыым диэтэххэ, дьэ холлоох үлэ буолбаат? «ХС»
2. Туохха эмэ холоонноох, сөптөөх, дьүөрэлээх. Правомерный, резонный, имеющий основание, соответствующий
[Баллайах:] Аҕа уустара арахсан тустуспа бараары, бэйэ-бэйэлэригэр өйөһөн уоттаабыттар диэххэ эмиэ холлоох буолуо этэ. Амма Аччыгыйа
Куомун Силип этиитэ — Холлооҕунан холлоох суол: Хобороонньо тыллаһыыта — Холуобунай аҥаардаах. Күннүк Уурастыырап
Холлоох хоппот — дэбигис кыайтарбат, элбэх үлэни эрэйэр. Требующий много труда, больших усилий
Холлоох хоппот ото үүнэн эрэр үһү. Болот Боотур
Дьадаҥылар иэһи төлөөмүнэ, холлоох хоппот хойуу дьыалата киирдэ. М. Доҕордуурап
II
даҕ. Ыраах баар, сытар. Далёкий, дальний, отдалённый. Холлоох айан
[Рудник начаалынньыга] хотой да буолан, хонноҕор-быттыгар хорҕолдьуну хорҕоппут холлоох ыраах хоту дойдуга кэллэҕэ. С. Федотов. Хотоҕойдоох аймаҕын Холлоох сиргэ хааллараннар Көр ол — диирэ халлааҥҥа Айанныыллар аргыстар. Тува т.