аат. Өрүс, үрэх хапчааннаах кыараҕас өттө, хапчаан. ☉ Узкое ущелье, расщелина
Онтон хапчаҕай аартыгар тиийэннэр тула хаамса сылдьыбыттар. ПЭК ОНЛЯ I
Биир саас биһиги, отучча киһи, Индигир хапчаҕайынан таҥнары устубуппут. «ХС»
ср. уйг. капчиҕай, кирг. капчыҕай ‘горное ущелье’, п.-монг. хабчаҕай, ‘отвесная скала, утёс’, др.-тюрк. хапчах ‘место слияния реки с притоком’