Якутские буквы:

Русский → Якутский

резка

быһыы (матырыйаалтан төһө эрэ сорҕотун быһа эрбээн, быһан эбэтэр сыбаарка уотунан быһа сиэтэн араарыы.)

резка

быһыы, бысталааһын (металы (тимир лииһи, турбаны, сыыйыы тимири о. д. а.) аналлаах механическай инструменынан эбэтэр синньигэстик тыгар күүстээх у от төлөнүнэн быһа сиэтэн аны-аны чаастарга араарыы, араартааһын.)

резка ацетилено-кислородная

ацетиленнаах кислородунан быһыы (ацетилен уонна кислород төлөнүнэн сиэтэн металы быһар ньыма.)

резка воздушно-дуговая

салгыннаах дуганан быһыы (салгыны урдэрэн электрическэй дуга төлөнүн күүһүрдэн металы быһа сиэтэн (уулларан) быһар ньыма.)

резка газовая

гааһынан быһыы (гаас төлө-нүнэн быһа сиэтэн металы быһар ньыма.)

резка дуговая

дуганан быһыы (электрическэй дуга төлөнүнэн сиэтэн металы быһыы ньымата.)

резка кислородная

кислородунан быһыы (умайар гааһы, паары кислородунан урдэрэн уматан, ол төлөнүнэн металы быһыы ньымата.)