Якутские буквы:

Якутский → Якутский

сабыахайдаа

туохт., кэпс. Бокуойа суох түргэн-түргэнник дайбанан хаамп (сүнньүнэн дьахтары этэргэ). Идти торопливо, усиленно махая руками (обычно о женщине)
Утары Сэмэнчик кыыһа, ынах хомуйан, баттаҕа бытырыыстанан, илиитэ сабыахайдаан иһэр эбит. П. Ойуунускай
Сөдүөччүйэ оҕус охторун көрүмээри хочуолларын ыһыктаат, тиэтэлинэн дьиэтин диэки сабыахайдаабыта. В. Гаврильева


Еще переводы:

сабыахайдат

сабыахайдат (Якутский → Якутский)

сабыахайдаа диэн курдук
Дьулустаан кэнниттэн Иван харса суох дайбаан сабыахайдатан кэллэ. Э. Соколов

сабыахтаа

сабыахтаа (Якутский → Якутский)

сабыахайдаа диэн курдук
[Киргил] көтөн тахсан, …… тииттэр быыстарынан көтөн сабыахтыы турда. Ф. Захаров

сабыахайдас

сабыахайдас (Якутский → Якутский)

сабыахайдаа диэнтэн холб. туһ. Хас да кыыс, тыастаахтык ойон туран хостон сабыахайдаһан тахсан, көрүдүөргэ атахтарын тыаһа тиэтэллээхтик тоһугурайбыта. «ХС»

сабыахайдан

сабыахайдан (Якутский → Якутский)

сабыахайдаа диэн курдук
[Киргил] көтөн тахсан, …… тииттэр быыстарынан көтөн сабыахайдана турда. Ф. Захаров
Өлүөнэ бара турар мууһун диэки хайыһан туран, оҕолорун ааттарын ааттыы-ааттыы таҥараттан көрдөһөн түргэн-түргэнник үҥэн сабыахайданан барда. И. Никифоров

дэбдэйэ

дэбдэйэ (Якутский → Якутский)

сыһ. Өрө көтөҕүллүүлээхтик, сэргэхтик. Бодро, воодушевленно
Туох эрэ дьиктини, уратыны оҥорбукка холонор курдукпут. Онон, өссө тэптэ, дэбдэйэ соҕус туттан, иһирдьэнэн таһырдьанан быһа сабыахайдыы сырыттыбыт. С. Федотов
«Ол аата эмээхсинэ да суох тиийэн кэлиэҕэ, доруобай оҕонньор диэтэҕиҥ дии», - диэтэ аҕата хайдах эрэ дэбдэйэ соҕус. К. Симонов (тылб.)