I
сайылаа I диэнтэн хай. аата. Тыаҕа сайылааһын
II
сайылаа II диэнтэн хай. аата. Иһити-хомуоһу сайылааһын
Якутский → Якутский
сайылааһын
сайылаа
I
туохт.
1. Ханна эмэ сылдьан, олорон сайыҥҥы кэми аһар, бараа. ☉ Проводить лето где-л. Тыаҕа сайылаа. Үчүгэйдик сайылаа
□ Сылгы чыычааҕа сырымнаан, Быраҕыллыбыт массыынаҕа сымыыттаан, Этэҥҥэ кини сайылаата, Элбээн-ууһаан соҕуруулаата. С. Васильев
Сүөсүһүттэр кыстыыр уонна сайылыыр сирдэригэр үлэһиттэр …… сынньалаҥнарын тэрийии билигин даҕаны ситэтэ суох. АҮ
2. кэпс. Сайын ханна, туохха эмэ уһуннук сырыт. ☉ Проводить летом много времени где-л. Быйыл сайын күөх үүнээйини үөр сүөһү киирэн тэпсэн сайылаата. «Кыым»
△ кэпс. Сайын устата уой-тот. ☉ Нагуливать жир за лето (о животных)
Түһээтэхпинэ сайылаабыт сибиинньэ саҕа күтүр улахан баҕайы собо миигин эргийэ сылдьан сытыргыыр. Софр. Данилов
II
туохт.
1. Хантан, туохтан эмэ тугу эмэ хомуйан, миэстэтин босхолоо, иллэҥнээ. ☉ Убирать, прибирать что-л. (напр., посуду со стола), наводить порядок где-л. Остуолу сайылаа. Хоһу сайылаа
□ Кэнсиэр кэнниттэн ыскамыайкалары сайылаан сааланы үҥкүүгэ бэлэмнээбиппит. Далан
Иһити-хомуоһу кыыс сайылаата. В. Яковлев
2. көсп., кэпс. Туохха эмэ мэһэйдэтэр, өстүйэр, өһүөннүүр киһигин эбэтэр мэһэй буолбут тыыннааҕы суох гын, өлөр. ☉ Убивать, убирать, лишать жизни кого-л., избавляться от кого-л.
Чэ, Василий Михайлович, бу сатананы [ыты] сайылыы охсуохха. Амма Аччыгыйа
[Бииктэр:] Туох гынаары кини кэлтэччи биһиги сүрэхпитигэр быһахтанарый? Синэ биир, тыын тыыҥҥа харбас — Дьууру сайылаан кэбиһиэх! Суорун Омоллоон
Генерал-губернатор буоллаҕына бэйэтин өстөөҕүн түргэнник сайылыырга эмиэ кыһана-мүһэнэ сатаабыта. П. Филиппов
Якутский → Русский
сайылаа=
I проводить лето где-л.; куоракка сайылаа = провести лето в городе.
II разг. 1) складывать, убирать; остуолу сайылаа = убрать со стола; 2) перен. убрать кого-л., покончить с кем-л., убить.
Еще переводы: