Якутские буквы:

Якутский → Якутский

сандалҕан

аат., поэт. Сырдык сардаҥа, сырдык күн уота. Яркие лучи солнца, яркий, ослепительный свет
Сандалҕан сардаҥа саккырыы ууллан, Күрбэ күр муустары көмүһүнэн сууйан, Дьикти да буолар хайа арҕаһыгар. М. Ефимов
Киирэн эрэр күн килбиэнин курдук Килбиэннээх кирилиэстээх, Тахсан эрэр күн сардаҥатын курдук сандалҕаннаах дьаарбаҥнаах, …… Үрүҥ толох быйаҥмын Өҥөйөн көр диэн Үҥэ-сүктэ олоробун. Саха сэһ. 1977


Еще переводы:

сандалҕа

сандалҕа (Якутский → Якутский)

көр сандалҕан
Иэ татай, Сирдэрин анна Сир үрдүнээҕэр сиэдэрэй эбит, Аллараа дойдулара Аламай күннээҕэр сандалҕалаах эбит! Саха фольк. Тыраахтар көччүйбүт нэлэмэн буолата Уоскутар сөрүүҥҥэ бигэммит, Сандалҕа сааскыны эрдэттэн саната Оруоспут солкото тэлгэммит. П. Тобуруокап