аат., кэпс.
1. Тырааныспары, тиэхиньикэни сапыраапкалыыр анал сир. ☉ Заправочный пункт, заправочная станция, заправка. Бэнсииним бүтээри гыммыт, сапыраапкаҕа бардахха сатаныыһы
□ Суоппар газигын сапыраапкаҕа илтэ. П. Аввакумов
2. Тырааныспары, тиэхиньикэни айанныырыгар эбэтэр үлэлииригэр бэлэмнээн, уматыгы кутуу, уматыгынан хааччыйыы. ☉ Заправка (горючим — транспорта, техники)
— Ээ, чэ, суолга турунуох иннинэ биири [бытыылка арыгыны] төбөтүн чокуйбаппыт дуо? Оннооҕор бульдозер сапыраапката суох сыҕарыйбат. Софр. Данилов