Якутские буквы:

Якутский → Якутский

сапыраапкалаа

туохт. Тырааныспаргар, тиэхиньикэҕэ уматыкта кут. Заправить транспорт, технику
Тыраахтардары сабыылаах ньыманан сапыраапкалыыллар, уматыгы илии носуоһунан хачайдаан куталлар, онон таммах да уматыгы сиргэ тохпоттор. ОҮМ
Биһиги оройуон сопхуостарын массыыналарын аара сапыраапкалаабат буоллубут. «Саха с.». Тиэхиньикэ арыытын уонна уматыктарын күн өрүүөрүү массыына аҕалар, сонно тута тыраахтардары сапыраапкалыыллар. ПНТ СС


Еще переводы:

саппараапкалаа

саппараапкалаа (Якутский → Якутский)

көр сапыраапкалаа
Массыынабын саппараапкалаатым. «ХС»

сапыраапкалан

сапыраапкалан (Якутский → Якутский)

сапыраапкалаа диэнтэн бэй
туһ. Дизельбитин сапыраапкаланар сири тэйиччи көһөрүөҕүҥ. Софр. Данилов
Налыччы аһаан, сапыраапкаланан бараммыт хоҥуннубут. Р. Кулаковскай
Биир симиэнэҕэ уон икки чаас туруллар. Ол устатыгар массыыналар тохтоло суох кэлэн сапыраапкаланаллар. «Кыым»

сапыраапкалааһын

сапыраапкалааһын (Якутский → Якутский)

сапыраапкалаа диэнтэн хай
аата. Бааһынаҕа үлэлиир массыыналары көһө сылдьар аналлаах тэрилинэн сапыраапкалааһын олохтоммута. ЭБТ
[Тырахтарыыс билиэхтээх] тыраахтардары сапыраапкалааһын быраабылатын, оҕунуохтааһын систиэмэтин. СҮТТ
Түүн сапыраапкалааһыны адьас ураты түбэлтэҕэ эрэ оҥоруохха наада. КПЫ