Якутские буквы:

Якутский → Русский

саҥардыыҥы

недавний; сравнительно недавний; саҥардыыҥы уураах недавний указ; саҥардыыҥа диэри до недавнего времени.


Еще переводы:

недавний

недавний (Русский → Якутский)

прил. соторутааҕы, саҥардыыҥы.

дьиҥ

дьиҥ (Якутский → Якутский)

  1. даҕ. Чахчы, адьас (саамай сөптөөх). Настоящий, подлинный, достоверный
    Дьэ, билигин мин кылаас салайааччытын быһыытынан, эһигиттэн биир суолу ыйытыах тустаахпын. Онуоха эһиги дьиҥ кырдьыгынан эппиэттиэххит диэн эрэнэбин. Софр. Данилов
    Биһиги билэбит, Эйэ дьиҥ суолтатын, сыанатын, Долгуйа этэбит Кининэн дууһабыт баҕатын. Күннүк Уурастыырап
  2. аат суолт. Туох эмэ ис кырдьыга. Правда, истина
    Олох дьиҥэр баҕардахпына - Дойдубар талаһабын, Өлүү туһунан санаатахпына - Дойдубар талаһабын. С. Данилов
    Суох, уоннааҕы ыаллара дьиҥин билбэттэрэ буолуо [ол киһи төһө-хачча сүөһүлээҕин]. Күндэ
  3. сыһ. суолт. Чахчы, кырдьык. Действительно, подлинно, истинно
    Былыргы сэһэннэринэн (үһүйээннэринэн) олоххо дьиҥ баар буолан сылдьыбыт быһыыны-майгыны, эбэтэр дьону кытта ситимнээх сэһэннэри ааттаныллар. Саха фольк. Нэһилиэк аайы чаччыыналары, кинээстэри уларытан, накааһы дьиҥ толоруохтара диэбит дьоҥҥутун талан, үстүү киһинэн кэмитиэт оҥостуох тустааххыт. П. Ойуунускай
    Бу Добун дьиҥ баар, саҥардыыҥы, биһиги нэһилиэкпит киһитэ этэ. Суорун Омоллоон
    Дьиҥ иһигэр <киирдэххэ> - кырдьыгын эттэххэ. В сущности, если сказать правду
    Ити бэйэтин төһө да кырдьаҕаһынан ааҕыннар Федор Васильевич дьиҥ иһигэр кырдьа охсубутун оччо итэҕэйбэт этэ. Софр. Данилов
    Дьиҥ иһигэр киирдэххэ Ойуурап дьабарааскы кыһыны быһа быркыта суох утуйар кистэлин билэн баран ону сүөһүгэ туттаары гынар эбит. Г. Угаров. Дьиҥ иһэ - туох эмэ олох баарынан ис чахчыта, чахчы өйдөбүлэ. Настоящее, подлинное понятие, суть, истинное положение вещей
    Дьиҥ иһэ ол - санаа самнан куотуу, күчүмэҕэйдэртэн дьулайан күрээһин этэ. Софр. Данилов
    Дьиҥ иһин биллэххэ, бу бэйэлэригэр ананан айыллыбыкка дылы сүрдээх дьүөрэ дьон хайы-үйэ икки аҥы, атырдьах маһыныы арахсан тураллар. Н. Лугинов
    др.-тюрк. чын