туохт.
1. Кими, тугу эмэ ханна эмэ илт, илдьэн биэр. ☉ Доводить, провожать кого-что-л. куда-л. Бурхалей Бахтайга тойону тириэрдэ таарыччы бэйэтэ эмиэ биир наадалаах этэ. Эрилик Эристиин
2. Туһааннаах кимиэхэ эмэ тугу эмэ биэр, тиксэр. ☉ Доставлять, передавать что-л. кому-л. [Өрүүскэ:] Мэ, бу кумааҕыны Кириисэҕэ тириэрт. Күндэ
3. Айаххар, уоскар тугу эмэ чугаһат. ☉ Поднести что-л. ко рту, к губам
[Биэрэ] сигарета ылан, кырааскалаах уоһугар тириэртэ. П. Аввакумов
♦ Муҥур уһугар тириэрт көр муҥур
Миигин муҥур уһукка тириэрдэригэр тиийдэ. НАГ ЯРФС II