Якутские буквы:

Якутский → Якутский

силлиргэт

тыаһы үт. туохт. Арыттаахтык иһиллэр, биир тэҥ түргэннээх бүтэҥи, быһыттаҕас тыаһы таһаар. Издавать глуховатый шум равномерно повторяющихся редких ударов
Ханна эрэ ыраах, хайа аннын диэки электростанция үлэлээн биир дэхситик силлиргэтэр тыаһын иһиттэ. «ХС»
Белэй кытылларын бата Сибииртэн табаарынай пуойас силлиргэтэн ааста. М. Прилежаева (тылб.)
Миинэлээх хонууну бэйэтэ бэйэтиттэн сиэттэрэн үлтүрүтэ барар, дэлбэритэ тэбэр гына артиллериянан ытыалаан силлиргэтэрбит. К. Симонов (тылб.)


Еще переводы:

силлиргэтис

силлиргэтис (Якутский → Якутский)

силлиргэт диэнтэн холб. туһ. Уолаттар …… албастары чочуйан харса суох хардары-таары бырахсан силлиргэтиһэн барбыттара. НЕ ТАО

урууччуй

урууччуй (Якутский → Якутский)

туохт., түөлбэ. Кими, тугу эмэ чугастык ылын. Найти в ком-чём-л. близость по духу
Максим ханна эрэ ыраах элэктэриичэскэй ыстаансыйа биир дэхситик үлэлээн силлиргэтэр тыаһын хайдах эрэ урууччуйа иһиттэ. А. Бэрияк
Толуу дьахтары кытта урууччуйан кэпсэтэ сатаата да, туһа тахсыбата. «Кыым»