I
сиилээ диэнтэн холб. туһ. Оччоҕо [былыр] иирсээн, этиһии, хоһулаһыы элбэҕэ, ким сиилэспэтэй… Н. Габышев
Таптаабыт киһи ытыыра — буруйга аахсыллыбат, Таах сырыттын муҥу көрө — сиилэһэ барыллыбат. Ш. Руставели (тылб.)
II
аат. Күөх үүнээйини дьаамаҕа симэн көөнньөрөн бэлэмнэммит сүөһү аһылыга. ☉ Силос
Кэллэ сиилэс угуута, Оҕо-дьахтар барыта Таҕыстылар хонууга. Р. Баҕатаайыскай
Хотоҥҥо киирэри кытта сиилэс сыта саба биэрэр. С. Федотов
Сииктээх от бэйэтэ итийэр, сиилэс курдук көөнньөр, онто икки-үс нэдиэлэнэн тохтуур. ПАЕ ОС