даҕ.
1. Дьону хаадьылыырын, дьээбэлиирин сөбүлүүр, дьээбэтинньик идэлээх. ☉ Устраивающий смешные проделки, шутливый, склонный к озорству
Дьэ, бу уол бэрт дьиибэлээх уол, туох эрэ улахан дьиибэни санаабыта буолуо. П. Ойуунускай
Уой, Петя, дьиибэлээх да уолгун ээ, хайа эдэр киһи кыыска «дорообо» диэн баран, баһын эрэ тоҥхос гыннарар үһү. С. Ефремов
Кини туох да куһаҕан санаата суоҕун иһин, ис-иһиттэн тэбэнэттээҕэ, дьиибэлээҕэ, дьону үтэн-анньан, тургутан көрөр идэлээҕэ. ВНГ ГОПХ
2. Киһи өйдөөбөт, киһини дьиктиргэтэр туох эрэ уратылаах. ☉ Необычный, непонятный, странный
Ол эрэн көстүбэт буолуохпун Билигин, кэбис, баҕарбаппын: Уон араас дьиибэлээх оҥоһуугун Соҕотох төбөбөр ылыммаппын. П. Тобуруокап
Дьикти сэп банаар дьиибэлээх да буолуо. Сииктээх сиргэ уурдахха сиилэтин ситиэ, Ууга уктахха - умайан күлүмнүө. Күн Дьирибинэ
Ким эрэ дьиибэлээх боппуруоһу ыйыппы-тыгар дьоннор күлсэн күүгүнэстилэр. В. Протодьяконов
3. Дьону атаҕастабыллаахтык күлүүэлэк оҥостон көччүргүүр идэлээх. ☉ Любящий зло потешаться, издеваться над людьми
Доодор кулуба хайа да былыргы саха тойотторуттан, баайдарыттан ордук суостаах, ордук баттыгастаах, ордук дьиибэлээх киһи эбитэ үһү. Саха фольк. Сир уйбат Сидьиҥ дьиибэлээх сиргидэх Бэлэһин бэтэтин. ТТИГ КХКК
Кини олус өйдөөх буолан баран, дьиибэлэрдээх, дьэбир майгыннаах киһи. Л. Толстой (тылб.)
4. Туох эрэ дьиибэни оҥороору гыммыт курдук көрбүт, тэбэнэттээх (харах туһунан). ☉ Озорной, хитрый, насмешливый (о взгляде, глазах)
Кини Ньомор Турантаайап сып-сырдыгынан уонна дьиибэлээх кыымнарынан ыһыахтаммыт харахтарын мыналыччы көрөн кэбиһэр. Л. Попов
Полковник Беляев элэктээбит курдук дьиибэлээх харахтарынан өрүс уҥуор диэки көрөр. Т. Сметанин
Уртуут курдук хамсыы, куруук күлэ сылдьар дьиибэлээх харахтардаах уол учууталлары бэйэлэриттэн таһаарара. «ХС»