аат. Уу кытыытыгар сымнаҕас буордаах сиргэ олохсуйар кутуйах бииһэ, кэрбээччи. ☉ Водяная крыса, водяная нутрия
Кини быйыл сайын сүүрбэ биэс күтэри өлөрүөх тустаах. Суорун Омоллоон
Күтэр мэлдьи үрэх, күөл кытыытыгар сылдьар. Аһылыга — от төрдө, кэйигэс уга эҥин. Е. Макаров
Быйыл күһүөрү сайын күтэр ууттан тэйиччи үрдүк сиргэ типтэ, онон эһиил уулаах саас кэлэр буолла. «ХС»
◊ Күтэр кутуруга бот. — сэбирдэҕэ суох уһун синньигэс умнастаах, төбөтүгэр кыра кугас өҥнөөх куоластаах уу кытыытыгар үүнэр от. ☉ Болотница, тимофеевка
Бааһына култуураларыттан ураты бурдуктуҥулар кэргэннэригэр араас оттор, холобур, ача, күтэр кутуруга, сиэллээйи (ковыль) уо. д. а. үгүстэр киирэллэр. КВА Б
Толоон үүнээйитин арааһа үгүс. Кинилэр истэригэр сүөһү сиир сыаналаах отторо, холобур, күтэр кутуруга бааллар. КЗА АҮө. Тэҥн. бурҕаа II
ср. уйг. күскү, тат. күсэ ‘крыса’