туохт.
1. Тугу эмэ сиэ, ас гынан аһаа (үксүн элбэх аһы иҥсэлээхтик сиир туһунан). ☉ Есть, кушать (обычно в большом количестве и с большим аппетитом)
Дьиэ кэргэнэ били балыктарын буһаран сыа, саламаат курдук сиэн-аһаан баран, идэлэринэн лэппиэскэ оҕолоох чэй истилэр. Күндэ
«Ээ, минньигэс да эбит! Амсайбатаҕым ыраатта», — дии-дии өрүһүспүт курдук сиэн-аһаан барар. Н. Якутскай
Бурдугу ахтан иэдэйбит дьон, үрдүгэр түһэн үчүгэй аҕайдык саламааттаан ыргытан сиэн-аһаан баран, утуйан хаалыа этилэр. Н. Заболоцкай
2. көсп., кэпс. Олус уордайан, кыыһыран ким эмэ үрдүгэр түс, мөх-эт. ☉ Наброситься на кого-л. с бранью, с руганью
Тымтыаххынан тымтан, сиэхаһыах быһыытыйан кэлэн бараҥҥын, кини кыра оҕо киэнинии икки инники тииһэ килбэйэрин, сэмэлэнэ санаан кэтэҕин суураланарын көрдөххүнэ, мичээрдээбиккин бэйэҥ да билбэккэ хаалаҕын. Софр. Данилов
Субу сиэх-аһыах курдук үллэн булгунньах төрүөн буугунуу турда. Н. Заболоцкай
Мин улаханнык уордайбыт, сиэх-аһыах буолбут киһи, ону көрөммүн намырыйан, уоҕум хараан хаалбыта. И. Федосеев
♦ Сиэххэ-аһыахха дылы (айы- лаах) — ынырык, дьулаан көрүҥнээх. ☉ С угрожающим видом
Дьиэ иһэ толору саалаах-саадахтаах, сиэххэ-аһыахха дылы баҕайылар — сорохторо туран эрэн, сорохторо хаама сылдьан аһаансиэн дьаабыланаллар. Д. Токоосоп
Дьүһүнүнэн-бодотунан даҕаны сылыктаатахха, оннук сиэххэ-аһыахха айылаах көрүҥэ суохха дылы этэ. Тумарча
Якутский → Якутский
сиэ-аһаа
Еще переводы: