Якутские буквы:

Якутский → Якутский

сиҥнэҥнээ

дьүһ. туохт. Атахтаргын бакыччы соҕус туттан ыараханыараханнык икки өттүгүнэн иҥнэҥнээн хаамп. Ходить медленно, на полусогнутых ногах, тяжело покачиваясь из стороны в сторону
Оҕонньор атаҕа көһүйэн, нэһиилэ ат буолан түөһүллэн турда, аргыый сиҥнэҥнээн атыгар барда. Болот Боотур
Аллараттан саас ортолоох …… киһи сиҥнэҥнээн тахсан олоппоско олорор. И. Бочкарёв
[Эһэ оҕолорун] иккиэннэрин батыһыннаран …… Окукаан үрэх таас турууктарын диэки сиҥнэҥнии турда. В. Миронов


Еще переводы:

богдьолун

богдьолун (Якутский → Якутский)

богдьой диэнтэн бэй. туһ. Биир киһи көхсүнэн богдьоллон олороро
Сэксэгэр Сэҥийэ [киһи аата] эргэ тэлэгириэйкэтин көхсө богдьоллон иһэрэ. В. Яковлев
Көхсө килбэҥнээн, богдьоллубут үрдүк арҕаһа үллэҥнээн, Сомоҕоллой Бүөтүр сир солоон сиҥнэҥнии сылдьар. Болот Боотур

сиҥнэҥнэс

сиҥнэҥнэс (Якутский → Якутский)

сиҥнэҥнээ диэнтэн холб. туһ. Отор кэнчээритигэр күһүҥҥү сөрүүҥҥэ уойбут улахан сүөһүлэр сүрэҕэлдьээбиттии сиҥнэҥнэһэллэрэ. Далан
Икки бөҕөстөр …… икки илиилэрин дайаччы ыытан, умса нөрүһэн, киирсэн биэрбэккэ тула хаамсан сиҥнэҥнэһэ сырыттылар. Р. Кулаковскай