аат., эргэр. Саха сиригэр (чуолаан Аммаҕа) нуучча бааһынайдара түөлбэлээн олорбут сэлиэнньэлэрэ. ☉ Слобода
«Сулумах үрүттээх Субуруспут дьиэлэрдээх, Соҕотох уулуссалаах Солобуода куораппыт!» — диэн ырыа бу Амма дэриэбинэтин туһунан ылланара. Софр. Данилов
Нуучча бааһынайдара Амма солобуодатыгар олохсуйан, бурдугу үүннэриини саҕалаан баран, олохтоох сахалары сири оҥорууга үөрэппитинэн барбыттара. «ХС»
[Ньакаа:] Ийээ! Ийээ! Солобуода диэкиттэн биир саллаат таҥастаах киһи иһэр! «ХС»