сов. что, прост, сиэ.
Русский → Якутский
сожрать
Еще переводы:
кыаппаһын (Якутский → Якутский)
туохт., кэпс., сөбүлээб. Тугу да ордорбокко барытын сиэаһаа, симин. ☉ Сожрать, выпить все без остатка
Дьиэлээхтэр аны киһилэриттэн куттанан бардылар. «Абааһыҥ аны наһаа кыаппастан кэбиһэн, өлөн хаалаарай?» — диир хаһаайка. В. Ойуурускай
Дьэ, доҕор, соҕотоҕун кыаппастыбыт буоллаххына — сэрэн, тииҥ курдук мас төбөтүнэн сүүрдүөҕүм. Саһарҕа
«Хата, кэпсээ эрэ, бэҕэһээ хас бытыылка кыһылы кыаппаһынныҥ?» — диир биир киһи уонна үөннээх соҕустук көрөн кэбиһэр. «Кыым»
мэҥиэһин (Якутский → Якутский)
туохт., үөхс.
1. Тугу эмэ (хол., элбэх аһы) аҕыйахтык уобалаан сиэн, ыйыстан кэбис. ☉ Сожрать, слопать что-л. разом, целиком
[Мороду] үс-түөрт киилэ халбаһыытын мэҥиэстибит, дьааһык аҥаара арыыларын дэлбэрийбит. И. Гоголев
Туһахха иҥнэн Тоҥон өлбүт Бэлэм куобаҕы Мэҥиэстэн б а р а н , Маҥалайа туолумуна Хара суор Хаппыт мэҥиэ сытарын Харахтыы оҕуста. Р. Баҕатаайыскай
2. көсп. Тугу эмэ бэйэҕэр иҥэрин, апчарый. ☉ Прибрать к рукам, присвоить себе что-л. чужое
Мин оттуур сирбин Көспөй күтүр мэҥиэһиннэ. Эллэй
Ол кинээс тойон биэриэх буолбут сүөһүтүн тиксэрбэтэҕинэ мэҥиэһиннин бэйэтэ. Тумарча
Судаарыстыба үс тыһыынча алта сүүс солкуобайын мэҥиэһиннэхтэрэ ити. «Кыым»
3. көсп. Кими, тугу эмэ суох оҥор, өлөр-өһөр. ☉ Уничтожить, истребить, стереть с лица земли кого-л. [Варвара:] Эн мин оҕолорбун сиэн, мэҥиэстэн баран олорор буолбаккын дуо! С
Ефремов. Кини оҕолору аны тыытыа суоҕа гынан б а р а н , ол оннугар атыттары мэҥиэстиэ буоллаҕа дии. «ХС». Сэрии төһөлөөх киһини мэҥиэһиннэ. Ч. А й т м а т о в (тылб.)