Якутские буквы:

Якутский → Якутский

сомсуулаах

даҕ.
1. Туох да буолтун иһин эбинэр эрэ өйдөөх харам, харбас. Стремящийся к наживе во что бы то ни стало, корыстолюбивый
Сомсуулаах баайдар, Собуот күүһүнэн сорох норуот Сототун сиилэтин Солбонутан кэбиһэн, сор суол ойоҕостообуттар. Өксөкүлээх Өлөксөй
Хапыталыыстар «сомсуулаахтарын», барыыс эрэ иһин олороллорун …… иһин поэт кинилэртэн сиргэнэр, кэлэйэр. АЕЕ ӨӨ
2. Элбэх, өлгөм. Богатый чем-л., изобильный
«Киэҥ сиринэн тайаан сылдьыбыт дьоҥҥо, эһиэхэ, буоллаҕа дии кэпсээн кэрэтэ, сонун сомсуулааҕа», — Ньукууска Горохов элэккэйдик хоруйдаата. «ХС»
[В. Гольдеров] өлгөм үүнүү, өҥ-быйаҥ сомсуулаах кэмигэр тиийэн эрэр киһи быһыытынан үгүс хоһоону, кэпсээни үрүлүччү сүүрүгүртэр ханнык диэн баҕалаахпыт. «ХС»
3. кэпс. Күүркэтиилээх, баһыылаах. Раздутый, преувеличенный
[Ыналба:] Мин эйигин ылбатаҕым, атын дьахтары ылбытым буоллар, …… баҕар эмиэ уон икки оҕолоох буолуом этэ. [Кээчэ:] Саатар биир уол, биир кыыс диэбэт. Суора да суох олорон өссө сомсуулаах ээ. П. Ойуунускай
Ол эрээри, барыта эрбии тииһин курдук тэҥ буолуо диэн этэр сомсуулаах буолуо этэ. М. Доҕордуурап


Еще переводы:

үрүлүччү

үрүлүччү (Якутский → Якутский)

сыһ. Элбэхтик, дэлэччи, өлгөмнүк. Обильно, в изобилии
[Чыычаах:] Кыһыл көмүс кыым кыыгыначчы ыһыллыбыта. Үрүҥ көмүс толон үрүлүччү тохтубута. Суорун Омоллоон. В. Гольдеров өҥ быйаҥ сомсуулаах кэмигэр тиийэн эрэр киһи быһыытынан үгүс хоһоону, кэпсээни үрүлүччү сүүрүгүртэр ханнык диэн баҕалаахпыт. «ХС»