Якутские буквы:

Якутский → Русский

сонньуйуу

и. д. от сонньуй = лёгкая улыбка; албын сонньуйуу лукавая улыбка; эҕэлээх сонньуйуу хитрая улыбка; кэлэйбиттии сонньуйуу презрительная улыбка.

сонньуй=

слегка улыбаться.

Якутский → Якутский

сонньуйуу

сонньуй диэнтэн хай
аата. Кини ити сонньуйуутугар ханнык эрэ санаа түһүүтүн күлүгэ көстөн ааста. А. Сыромятникова
Байыкка ол кэмчи, быыкаа сонньуйуу суолтатын өйдөөтө. Н. Заболоцкай

сонньуй

туохт. Тугу эмэ сүөргүлээн, бэркиһии, сүрүргүү көрөн эбэтэр дьиибэргээн күлэр курдук тутун. Слегка улыбнуться, усмехнуться, ухмыльнуться (обычно с осуждением, удивлением, неприятием)
Куһаҕантан киһи да сонньуйар (тыл ном.). Буоссата да суохха ыгылыйбыппын диэн сонно бэйэҥ бэйэҕиттэн сонньуйаҕын. Н. Лугинов
Күөлгэ киирэн күлүкпүн көрүнэн баран, бэйэбиттэн бэйэм сонньуйдум. Таҥассап, дьүһүн-бодо, быһыы-тутуу туох аанньа буолуой? Т. Сметанин
ср. монг. сонжийх ‘досаждать, досадовать, подозревать, сомневаться’


Еще переводы:

хомойуу

хомойуу (Якутский → Якутский)

хомой диэнтэн хай
аата. Уоста сонньуйуу Төрүүр түгэх күлүүттэн, Албыннатан хомойуу Абаккатын бэлиэтэ. С. Данилов
Олох биир үөрүүнэн, биир хомойуунан бүтүө сатаммат эбит. Н. Заболоцкай

сүлүһүннэн

сүлүһүннэн (Якутский → Якутский)

туохт.
1. Сүлүһүннээх буол, дьааттан. Становиться ядовитым, токсичным
Мин оппун сиэтэҕинэ, ынаҕыҥ үүтэ да сүлүһүннэниэ! И. Гоголев
2. көсп. Ордук абалаах, киһи дууһатын күүскэ таарыйар курдук буол (хол., киһи тыла). Быть, становиться желчным, язвительным (напр., о речи)
Дьиэлээхтэргэ ити тыл сүлүһүннэнэн киирдэ. Р. Кулаковскай
Үгэргээһин, арыт көннөрү оонньуу, сонньуйуу, арыт кыйыттыы, ис иһиттэн сүлүһүннэнэн уордайыы көрүҥнэнэр. «ХС»

уордайыы

уордайыы (Якутский → Якутский)

уордай диэнтэн хай
аата. Эҥэ баайа кыыһырыы бөҕөнү кыыһыран, уордайыы улаханын уордайан уоллаах кыыһы эккирэтиннэрэ буойуннарын ыыталыыр. Далан
Улуу норуот уордайыытын Охсор болот оҥостуҥ! П. Тобуруокап. Үгэргээһин арыт көннөрү оонньуу, сонньуйуу, арыт кыйыттыы, абарыы, ис-иһиттэн сүлүһүннэнэн уордайыы көрүҥнэнэр. ВМГ НСПТ

бөрөн

бөрөн (Якутский → Якутский)

  1. бөрөө диэнтэн бэй., атын туһ. Мантан инньэ сайын быстахха олорор кыра дьиэ бөрөнүөм этэ
    Кириэс маска тиириллибит Христос Тоҕо эрэ миэхэ имнэнэрэ, Купкугас бытыгын сүүмэҕэр Ынчык дуу, сонньуйуу дуу Бөрөммүт курдуга. И. Гоголев
  2. Туохха эмэ (хол., окко) сөрөн, атаххар эриллэриттэн мэһэйдэт. Путаться в ногах (напр., о густой траве). Бу оҕо соно уһуна бэрт, онтугар бөрөнөн кыайан хаампат. Таба күөлү туораары, илимҥэ бөрөнөн, ууга өлбүт
  3. кэпс. Олоҕуҥ, аһыҥ-таҥаһыҥ кыһалҕатын көрүн, муҥунан-таҥынан булан айаххын иитин (үксүн урут сыһ. туохт. ф-гар тут-лар). С трудом справляться с материальными затруднениями, кое-как сводить концы с концами (употр. большей частью в ф. соединительного деепр.)
    Оннооҕор ыта да суох ыал Чуораайыга хайдах эрэ бөрөнөн олороллор. Болот Боотур
суолта

суолта (Якутский → Якутский)

аат.
1. Туох эмэ ис хоһооно, туох өйдөбүллээҕэ. Смысл, значение
Суолтатын толкуйдаабакка Субурҕа тылынан суруйар сууххай. А. Софронов
Кини боппуруос ис политическай суолтатын кыайан өйдөппөтө. Эрилик Эристиин
Байыкка ол кэмчи, быыкаа сонньуйуу суолтатын өйдөөтө. Н. Заболоцкай
2. Туох эмэ туохха наадалааҕа, туох туһалааҕа. Важность, значимость
Үтүө суол диэн суолтата улахан буолар. Н. Неустроев
Усулуобуйа! Олус да прозаическай боппуруос эрээри, дьиҥ суолтата улаханын. Хаһан бэйэм туспа үлэлиир хостоох буолабын? Н. Лугинов
Тыа хаһаайыстыбатыгар мэхэнисээтэрдэр үлэлэрэ улахан суолтаны ылар. ТХЭ
Суолтатыгар (эрэ, да буоллар) — дьиҥнээҕинэн буолбатах, сиэри эрэ тутуһан эбэтэр тас эрэ көстүүтүнэн. Для приличия, для виду
«Суолтатыгар да буоллар чаанньыккытын сылытыҥ, баҕар, биир эмэ чааскы чэйи иһээрэй?» — диэтэ Даарыйа эмээхсин. Амма Аччыгыйа
«Туох иһин, Игорь Иванович!» — Айдар өйдөөтөр даҕаны, суолтатыгар эрэ ыйыппыта буолла. Н. Лугинов
Суолтатыгар эрэ этиллибит түмүк тыл кэнниттэн хас биирдии пуунугар киччэриһэн тохтоон туран, халыҥ соҕус уураах ылыннылар. В. Яковлев

сонньут=

сонньут= (Якутский → Русский)

побуд. от сонньуй= вызывать лёгкую улыбку.

сонньуйаахтаа

сонньуйаахтаа (Якутский → Якутский)

сонньуй диэнтэн атаах.-аччат. Буокай оҕонньор сонньуйаахтаата. А. Сыромятникова

сонньуйбахтаа

сонньуйбахтаа (Якутский → Якутский)

сонньуй диэнтэн тиэт
көрүҥ. Сэргэй оҕонньоттор кэпсэтиилэрин истэ-истэ тоҕо эрэ сонньуйбахтаан ылар. Н. Лугинов

кылардаа

кылардаа (Якутский → Якутский)

туохт. Харахтаргын кэҥэрииҥ диэки тартаран симэ соҕус хардары көр. Скосить глаза
Кынчарыйан, кырыыланан, Кыйаханар харах ыалдьар, Кынчыатаһан-кыччаҥнаһан Кылардыыр буолан хаалар. «ХС»
Кини хараҕын кылардаан, диэличчи, санньыардык сонньуйа-сонньуйа, чүмэчи уотун одуулаһар. А. Куприн (тылб.)

табыллыгас

табыллыгас (Якутский → Якутский)

табыллымтыа диэн курдук
Мин дьоллоох күлүүбүттэн курус киһи сонньуйуо. Ымсыырыа мин табыллыгас, Көнө, чэпчэки олохпор. Н. Харлампьева