аат. Сопхуос үлэһитэ. ☉ Работник совхоза. Сопхуостаахтар ыһыы үлэтигэр туруннулар
Якутский → Якутский
сопхуостаах
Еще переводы:
дэхси (Якутский → Якутский)
- даҕ.
- Оллура-боллура суох, кылааккай, көнө ньуурдаах. ☉ Гладкий, ровный (о поверхности)
Дьөгүөрдээн күлэн дэхси тиистэрэ килэриспитинэн уолун одуулаһар. Амма Аччыгыйа
Тоҕой сэлэ устуруустаммыт курдук дэхси ньуурдаах, быйаҥынан аатырбыт ходуһатын өбүгэ саҕаттан Бадаайаптар удьуордара бас билэллэр. Л. Попов
Массыына оҥоһуулаах дэхси суол устун элээрэн истэ. Н. Лугинов - Көнө сурааһын курдук, тэҥ (кэккэ). ☉ Прямой, ровный; равный (по размеру)
Дэхси хаамыынан чиҥник үктэнитэлээн, холкутук, күүстээхтик нэлэччи дайбаталаан, колонналар кэлэн олбуорга киирэллэр. Амма Аччыгыйа. Отучча булуук, бэрт элбэх тимир бараналар, субу үлэҕэ киирэрдии, биир дэхси кырылаабыттар. А. Федоров - Ханна баҕарар биир тэҥ, биир кэлим. ☉ Сплошь одинаковый
Хабысхараҥа ортотугар уот умайан күндээрэрэ көрүөххэ кэрэ да буоллаҕа ээ. Аан дойду үрдүгэр дэхси ити курдук уот умайан олоҕу сырдатыахтаах. А. Софронов
Дэхси холбоһуктааһын баран, тыабыт хаһаайыстыбата бастыҥ тиэхиникэлээх, баһаам элбэх массыыналаах, биэс уон сопхуостаах, түөрт уон холкуостаах буолла. Эллэй - Биир тэҥ (тыас туһунан). ☉ Равномерный
Иһирдьэ им-дьим сыттахтарына, таһырдьаттан дэхситэ суох, хоһооно иһиллибэт ырыа мөлтөхтүк доргуйан иһиллибитигэр, Попов хаһыаты ууммутунан баргыйа түстэ. Амма Аччыгыйа
Улуу куорат биир дэхси ньиргиэрэ, Үүммүт күнү айхаллыыр өрөгөйдөөх ырыата Сири сиигинэн эҥсиллэ дуорайар. А. Бэрияк
Хотуттар диэки өттүгэр [остуолга] биир дэхси кэпсэтэн чубугураһаллар. Л. Толстой (тылб.) - көсп. Холку (быһыы-майгы). ☉ Ровный, уравновешенный (характер)
Кини [Наташа] дэхси, холку, букатын уруккутун курдук, үөрэ-көтө сылдьар. Л. Толстой (тылб.) - көсп. Очура-чочура суох (олох, олох суола). ☉ Спокойный, размеренный (о жизни, жизненном пути)
Ийэлээх аҕата соҕотох оҕолорун суола көнө уонна дэхси буоларын туһугар туохтарын да харыстаммат этилэр. Н. Лугинов. Институкка киирэр суол биир дэхситэ, ньулууна суоҕа. ЧЮМ ТӨК - аат суолт. Көнө, оллура-боллура суох ньуур. ☉ Гладкость, ровность
Эн суолуҥ дэхситэ дэһимэҥ, Элбэх сыыс от суолбар сытара, Оҥооччу, тигээччи, күлүмэн, Эриллэр эриэн үөн да баара. Эллэй
Эрдээх дьоннуун аргыстаһан Суол дэхситин талымаар. С. Данилов
Кинилиин [быраапсай киһилиин] дэхсигэ халтарыйыам. Ойуурга мунан муҥнаныам. Л. Попов - сыһ. суолт.
- Ханна баҕарар биир тэҥник. ☉ Везде; одинаково
[Оҕонньор:] Икки атахтаах эрэйи көрөөрү төрүүр диэн этэллэр. Мин итини бэйэм ааспыт олохпун эргитэ санаан баран этэбин. Биир дэхси үчүгэй, олус үүт-тураан чуумпу олоҕу олорбут киһи, бука, ахсааннаах буолуо. С. Никифоров
Эһиил бурдук сириттэн дэхси кэриэтэ үүнүүнү ылар суолга үктэннибит. М. Доҕордуурап
Биэни бары сиргэ дэхси ыатыахха. С. Васильев - Тугу да көтүппэккэ, барытын. ☉ Все до единого, ничего не пропуская
Илларион Леонтьевич бэйэтин хорсун сырыыларын бүтүннүүтүн дэхси кэпсээтэҕинэ, ол олус уһун буолуох этэ. ССХУо
◊ Дэхси сир - көнө, элбэх оллураболлура суох ньуурдаах киэҥ нэлэмэн сир. ☉ Равнина
Сир шарын ньуура эҥин араас сорох сирдэргэ уонунан килэмиэтиргэ дэхси сирдэр нэлэһэн сыталлар, сорохторго хаар, муус арҕастаах хайалар нөрүһэллэр. МНА ФГ
Дьон үлэлэрэ бадарааны уонна курааны кыайара. Дэхси сири ханааллар быһыта сүүрэллэрэ. КФП БАаДИ
Ташкентан тэйэн истэхпит аайы хайата суох көнө ньуурдаах дэхси сир тус арҕаа диэки сыыйа намтаан, кэҥээн, ыраатан көҕөрүмтүйэн көстүтэлиир. «ХС»