Якутские буквы:

Якутский → Якутский

субугур

даҕ. Аллараа диэки субуруйан түспүт, субурхай (дэҥҥэ тут-лар). Удлинённый, вытянутый книзу
Уустуктаан оҥорбут курдук Субугур маҥан муруннаах эбит. Өксөкүлээх Өлөксөй
Сырайдаах гиэнэ сырыынньата эбит, уҥуохтаах гиэнэ туруорута [эбит], суһуохтаах гиэнэ субугура эбит — бу дьахтар. ПЭК ОНЛЯ VI
Соня эдэригэр туус маҥан төгүрүк сирэйдээҕэ, хара хойуу хаастааҕа, субугур көнө муруннааҕа, кыһыллыҥы намчы уостааҕа. Н. Габышев


Еще переводы:

сырыынньа

сырыынньа (Якутский → Якутский)

  1. даҕ.
  2. Туруору буолбакка сыыйа үрдүүр эбэтэр намтыыр (сыыр, хайа тэллэҕэ, түһүү, тахсыы туһунан). Пологий, отлогий, покатый, не крутой (о подножии горы, склоне, небольшом подъёме)
    Биһиги сырыынньа сиринэн оргууй мыраан тэллэҕин устун өрө тахсабыт. Н. Заболоцкай
    Итиэннэ иккис этээс кирилиэһэ наһаа сырыынньа. С. Дадаскинов
    Хаптаҕай, үрдүгэ суох (мурун туһунан). Небольшой, аккуратный (о носе)
    Сырыынньа, хаптаҕай муруннаах, бэрт ис киирбэх сэбэрэлээх, сааһын ситэн эрэр хороччу улааппыт кыыс оҕо дьахтар этэ. Эрилик Эристиин
  3. көсп. Сымнаҕас, намыын-намчы, көрсүө-сэмэй (хол., майгы). Мягкий, нежный (о лице), кроткий (о характере человека)
    Сырайдаах гиэнэ сырыынньата эбит, уҥуохтаах гиэнэ туруорута [эбит], Суһуохтаах гиэнэ субугура эбит — бу дьахтар. ПЭК ОНЛЯ III
    Оттон Өрүүҥкэ туһунан сахсаан «эмиэ да иистэнньэҥ, хоһуун, эмиэ да киэргэмсэх, эмиэ да сытыары-сырыынньа, эмиэ да үөрэхтээх» диэн этэ. Дьүөгэ Ааныстыырап
  4. сыһ. суолт.
  5. Сыыйа, сытыары соҕустук. Постепенно, плавно, с небольшим наклоном (спускаться, снижаться)
    Мантан ыла суоллара биллэбиллибэт сырыынньа аллара түһэр эбит. «ХС»
    Амбразура иннигэр тубустуруору сыыр, сороҕо кыайан көстүбэт, онтон дьэ сырыынньа түһэн хотоол буолар. К. Симонов (тылб.)
  6. Туох эмэ көстүүнү сырса, кырсынан. Вдоль чего-л., в направлении чего-л. «Оол арыыны сырыынньа көр эрэ
    Буруота көстөр», — диэтэ оҕонньор. А. Сыромятникова
    [Миитэрэй] тааһынан уу кырсынан сырыынньа элээрдэн кэбиспитэ тоҕуста тэйэн баран тимирбитэ. ФЕВ УТУ
    [Князь Андрей] киирэн эрэр күн уотугар килбэҥниир өрүс сүнньүн сырыынньа одуулаһан турда. Л. Толстой (тылб.)
  7. көсп. Сыыйа, улам, биир тэҥник, туох да утарсыыны көрсүбэккэ. Ровно, гладко, без шероховатостей. Күндэ пьесалара социальнай конфликтара …… тыҥаан, сайдан испэт этилэр, сюжеттара олус судургутук, сырыынньа тэнийэллэрэ. ССЛИО
    Каутскай …… революция баран иһэр устаабын сырыынньа, уурбут-туппут курдук гына оҥорон биэрэллэригэр эрэ баҕалаах. В. Ленин (тылб.)
    ср. тюрк. йар ‘крутой (высокий) берег’